Күндү ааҕааччылар, кутталлаах кэпсээни ааҕыҥ, аралдьыйыҥ, араас түбэлтэлэргэ сөптөөх быһаарыныыны ылынарга сананыҥ.
Күһүн, ардахтаах киэһэ эмискэ иһим ыалдьыбыта. Быраас ыҥыран, муҥурдаахпын быстара балыыһаҕа киирбитим. Эппэрээссийэ кэнниттэн реанимация палататыгар хас да күн сыппытым. Онно биһиги нэһилиэкпит кыыһа медсиэстирэлиир эбит. Ирэ-хоро сэһэргэстибит. Арай кини кэпсээнинэн, манна түүн дьуһуурунайдарга хара күлүктэр илэ хааман кэлэн, эмп көрдүүллэр үһү. Биирдэ хойутуу инструменнары бэлэмнии сырыттаҕына маҥан баттахтаах эмээхсин кэлэн илиитин хам туппут уонна салгыҥҥа симэлийэн хаалбыт.
Биһиги палатабыт иһигэр түөрт ыарыһах баарбыт. Биирдэ түүн ортото этим тардан, уһуктан кэллим. Харахпын аспытым, түгэх сытар кыыс оронун аттыгар хара күлүк барыйан кэллэ уонна ол кыыһы муомахтаата. Кыыс баттатан хаһыытаабытыгар, муннукка сүүрэн тиийдэ уонна буруо буолан, сүтэн хаалла.
Мин кутталбыттан уҥуоҕум халыр босхо барда уонна тыын ылаары көрүдүөргэ таҕыстым. Ол турдахпына аттынааҕы палатабытыттан түүлээх шарик төкүнүйэн таҕыста уонна 6-с нүөмэрдээх палата диэки ааста. Мин кими да соһутумаары, оргууй сиэстирэ поһугар бардым уонна туох буолбутун кэпсээтим.
Күндүүнэ.