Сэтинньи 25 күнүгэр «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарыкка «Ийэттэн төрүүллэр генийдэр, геройдар» тиэмэҕэ кэпсэттибит. Биир дойдулаахпыт сахалартан бастакы норуот поэта С.Р Кулачиков-Эллэй суруйбут «Таптыаҕыҥ ийэни!» хоһоонун аахтыбыт, презентация көрдүбүт. Эллэй 120 сааһын көрсө хас биирдии оҕо хоһоон талан үөрэтэ сылдьар. Үөрэппит хоһооннорун ис хоһоонун уруһуйдаан, 8 оҕо улуустааҕы уруһуй куонкурсугар кытыннылар. Алеша Кычкин, Арианна Аввакумова 3-4 кылаастар бөлөхтөрүгэр III миэстэни ыллылар.
Селена Ноенохова «Таптыаҕыҥ ийэни» ырыаны үөрэтэн куонкуруска кыттаары бэлэмнэнэ сылдьар. «ДьоҺуннааҕы кэпсэтии» дьарыкка биллиилээх дьон – өрөспүүбүлүкэбит салайааччылара, Саха театрын артыыстара, ырыаһыттара ийэлэрин кытта түспүт хаартыскаларын, ийэлэрин туһунан суруйбуттарын аахтыбыт.
В.В. Богдокумова, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан
Чычымах орто оскуолатын IV кылааһын салайааччыта, Таатта
***
Сэтинньи 25 күнүнээҕи «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарык тутула, ис хоһооно методическай ирдэбиллэргэ эппиэттиир, мультимедийнэй. Учуутал матырыйаалы элбэх сиртэн хасыһан бириэмэ ыыппатыгар олус табыгастаах. Бу тиэмэ ис хоһооно биһиги оскуолабытын, алааспытын, Тааттабытын кытта ситимнээх буолан өрө көтөҕүллүүлээхтик, аһаҕастык ааста. Оҕолор Ийэ туһунан гимн буолбут ырыаны тэҥҥэ ыллаһан, санааларын суруйан үлэлээтилэр. Дьарык сыалын ситистэ диибин.
Саамай сөбүлээбитим кэпсэтии быыһыгар «Таптыаҕын ийэни» караоке-ырыа киирбитэ. Бастакы президеммит М.Е.Николаев улуу геройга Ю.А. Гагарин ийэтигэр А.Т. Гагаринаҕа сүгүрүйэн Смоленскай уобаласка памятник туттарбытын эбэн кэпсээтим.
Оҕолор ийэлэрин дьиэ кэргэҥҥэ олус күүскэ таптыылларын туҺунан санааларын эттилэр.
Д.А. Налыяхова, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан
Чычымах орто оскуолатын V кылааһын салайааччыта, Таатта
***
Ийэбит бары таптыыр киһибит. «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» уруогар ийэ суолтатын, дьиэ кэргэҥҥэ, обществоҕа оруолун туһунан кэпсэппиппит инники олохпор туһалаах буолуо дии саныыбын. Мин бу уруокка дойдум биллэр дьонун, музейга ийэҕэ анаммыт скульптураны киллэрбиттэрин көрөммүн үөрдүм. Ийэ туһунан «Таптыаҕыҥ ийэни!» дойдум дьоно бары билэллэр, сөбүлээн ыллыыбыт.
Дойдубут улуу дьоно — генийдэрэ, геройдара ийэлэргэ сүгүрүйүүлэрэ биһиэхэ улахан үтүө холобур буолар.
Анатолий МАЛЫШЕВ , XI кылаас,
С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолата, Таатта
***
«Ийэттэн төрүүллэр генийдэр, геройдар» «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарыгын наһаа сөбүлээтибит.
Билэр ырыабытын ыллаан, бэйэбит нэһилиэкпит түмэлин көрөн үөрдүбүт. Ийэлэрбитигэр анаан тэтэрээппитигэр открытка оҥордубут. Хас биирдии киһи ийэттэн кэлэр, ийэ баар буолан олох баар. Биһиги ийэлэрбитин наһаа таптыыбыт.
Айыллаана МАЛЫШЕВА, III кылааc
Кылаас салайааччыта Людмила Васильевна Канаева
С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолата, Таатта
***
«Дьоһуннааҕы кэпсэтии» бүгүн биһиэхэ «Ийэттэн төрүүллэр генийдэр, геройдар» диэн тиэмэҕэ буолла. Манна биһиги Cаха сиригэр биллиилээх дьон ийэлэригэр анаан эппиттэрин биллибит. Бу кэпсэтиигэ Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат поэт, суруйааччы, литератураны ырытааччы, Саха өрөспүүбүлүкэтин наруодунай суруйааччыта эппитин сөбүлээтим. Кини С.Р. Кулачиков-Эллэй «Таптыаҕын ийэни» диэн ырыата Саха гимнэ буоларын бэлиэтээтэ. Уонна Эллэйи ураты өйдөөх-санаалаах, тыллаах-өстөөх поэт этэ диэбитэ кырдьык оннук. Эллэй ийэтин туһунан истиҥник эппитин өссө төгүл сырдатта, махтанна, сүгүрүйүүтүн биллэрдэ.
Онон бу кэпсэтииттэн мин өссө төгүл өйдөөтүм Эллэй ийэ уобараһын хайдах курдук истиҥник суруйбутун, дьон чугастык ылынарын.
Кэскилээнэ ДМИТРИЕВА, VII кылаас,
С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолата, Таатта