Быйыл биһиги Сахабыт сиригэр автономия төрүттэммитэ 100 сылыгар арааас хабааннаах үлэ тиһигин быспакка бара турар. Олортон биирдэстэринэн Сунтаар улууһун оскуолаларыгар муус устар 28 күнүттэн “Төрөөбүт нэһилиэкпит историятын суруйуоҕун” улахан чинчийэр бырайыак үлэтин саҕалаата.
Ону биһиги П. Х. Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатыгар улахан тэрээһин тэрийэн саҕалаатыбыт. Бу күн сарсыардаттан сахалыы таҥнан, аантан арыылаах алаадьынан күндүлэнэн, баҕа санаабытын саламаҕа ыйаан күммүт олус үчүгэйдик саҕаланна. Бастакы уруогунан “Уруккуну, бүгүҥҥүнү, сарсыҥҥыны” анаарар бэтэрээн учууталларбыт бэртээхэй сэһэннэрин иһиттибит. Онтон бары кылаастар “Дойдум, олоҕум туһунан сүүрбэ сыллаах көрүүм” өйтөн суруйуу оҥорон, олохтоох кыраайы үөрэтэр “Туойдаах Алаас” музейбытыгар бэлэх ууннубут.
10 чаастан бары мустан, бырайыакпыт аһыллыытын оҥордубут. Онно сахалыы хоһоон дуораһыйда, ылбаҕай ырыа ылланна, дьүрүскэн хомус дьүрүһүйдэ, кылыһахтаах тойук дуораһыйда. Бары кылаастар лидердарыгар бырайыакка үлэлиэхтээх үлэлэрин хайысхатын, үлэ сыалын-соругун ыйан туран, сорудахтар түҥэтилиннилэр. Бу чинчийэр бырайыакка барыта 111 оҕо, 37 учуутал хабыллан үлэлиэхтээх.
Бу күммүт улахан оһуокайынан түмүктэннэ. Онон, бииргэ үөрэнэр оҕолорбор, учууталларга барыларыгар бырайыактыыр үлэҕит ситиһиилээх, дириҥ хорутуулаах буоларыгар баҕарабын. Ким төрөөбүт төрүт түөлбэтин историятын ытыктыыр, үөрэтэр, чинчийэр – ол ситиһиилээх, сайдыылаах буола улаатар.
П.Х. Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын 7 “б” кылааһын үөрэнээччитэ Карл Прокопьев