Елена Копырина – 4 оҕо күн күбэй ийэтэ, тапталлаах кэргэн. Идэтинэн тыл үөрэхтээҕэ, филология наукатын кандидата. Кини, нууччалыы эттэххэ, “всеуспевашка”. Маннык дьону кытта алтыстахха, киһи сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыыта күүһүрэр. Эһиги эмиэ ааҕыҥ, атах тэпсэн олорон кэпсэппит саҕа сананыҥ.
Биһиги бу олоххо кэннибититтэн суол хааллараары, тугу эрэ ситиһээри кэлэбит. Күннээҕи түбүгүнэн эрэ муҥурдаммакка, хас биирдиибит сайдыыга талаһыах тустаахпыт.
– Елена, кэпсэтиибитин кинигэ атыытыттан саҕалыах. Бу дьарыгынан хайдах үлүһүйдүҥ?
– Мин кырабыттан кинигэ ааҕарбын сөбүлүүбүн. Ол эрээри үлэ үөһүгэр сылдьан, бириэмэ соччо булбат этим. Оҕо көрөн олорор кэммэр бириэмэлэнэн, элбэҕи аахпытым. Онно Мари Кондо “Магическая уборка” диэн кинигэтин олус сөбүлээбитим. Киһи өйүн-санаатын сайыннарар литература баарын саҥа билэн, сэргээн, умсугуйан туран ааҕар буолбутум. Эр киһиэхэ уонна дьахтарга аналлаах кинигэлэр уратылаахтарын бэлиэтии көрбүтүм.
– Туох уратылаах эбиттэрий?
– Эр дьон кинигэтигэр үксүн наар тас эйгэҕэ сыһыаннааҕы суруйар. Дьахтар ону ылынымыан сөп. Биһиги ураты айылҕабыт “усулуобуйаларын” учуоттуур кинигэ санааны көтөҕөр, өйөбүл-тирэх буолар ис хоһоонноох. Ол иһин ийэлэргэ, кыргыттарга көмө буолаарай, туһалаарай диэн атыылаан көрөргө санаммытым. Бэйэм аахпыт, сөбүлээбит, сэргээбит кинигэлэрбин атыыга таһаарабын. Ким ханнык кинигэни сакаастыан баҕарарынан булабын, сүбэлиибин.
– Билигин дьон кинигэни төһө ааҕарый?
– Олус ааҕар. Баҕар, бэйэм эйгэм оннук буолуо. Баҕалаах киһи хаһан баҕар бириэмэ булан ааҕар. Дьон өйү-санааны сайыннарар кинигэни ааҕар буолла. Муода да курдук диэххэ сөп. Ону тэҥэ сахалыы кинигэни, олоҥхону умсугуйан ааҕар дьону эмиэ билэбин.
– Холобур, миэхэ ханнык кинигэттэн ааҕан саҕалыырбар сүбэлиэҥ этэй?
– Уопсайынан, эдэр ийэлэргэ аан бастаан Анатолий Некрасов “Материнская любовь” диэн кинигэтин ис сүрэхпиттэн сүбэлиибин. Бу кинигэни мин олохпор инструкция курдук көрөбүн. Киһи бэйэтигэр, оҕолоругар, кэргэнигэр, төрөппүттэригэр сыһыанын туһунан. Киһи олоҕун төрдүттэн сааһылыыр, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ остуол кинигэтэ буолар тустаах кинигэ.
– Махтал. Елена, эн өссө биир ураты дьарыктааххын. “Алыптаах сарсыарда” диэн онлайн-марафон ыыппытыҥ хаһыс да ыйыгар барда. Бу туох санааттан олоххо киирдэ?
– Эдэр ийэҕэ, эбиитин өссө элбэх оҕолоох буоллаҕына, күн устата бириэмэтэ олох тиийбэт буолааччы. Сарсыарда эрдэ турар дьахтарга, ийэҕэ, кыыс оҕоҕо “тайм-менеджмент” олус туһалыыр. Уу чуумпуга, дьонуҥ бары утуйа сытар кэмнэригэр, бэйэҥ сэниэлээх, өйүҥ-санааҥ ыраас эрдэҕинэ, киһи кинигэ ааҕыан, үөрэниэн, үлэлиэн да сөп. Тугу гынара көҥүлэ, ким да мэһэйдээбэт. Бу олоххо элбэҕи ситиһэргэ, чаҕылхайдык олорорго, элбэҕи билэ-көрө, сатыы үөрэнэргэ, эт-сиин, өй-санаа өттүнэн чэгиэн буоларга саамай туһалаах үөрүйэх дии саныыбын. Ол иһин эрдэһит буолуон баҕалаахтарга көмөлөһөн, онлайн-марафон ыытабын. Онно эрдэ туруу туһунан тугу билбиппин үллэстэбин, бу үөрүйэҕи олоххо киллэрэргэ көдьүүстээх ньымалары, элбэх саҥа билиини биэрэбин.
– “Мин күннүгүм”, “Маанылаах сандалым” диэн таһаарыылардааххын. Ити туһунан сырдатыаҥ дуо?
– “Мин күннүгүм” кэрэ аҥаар баҕа санааларыттан, ситиһиилэриттэн саҕалаан, олоҕун былааннана, сааһылана үөрэнэригэр аналлаах таһаарыым буолар. “Маанылаах сандалым” кинигэбин дьиэтээҕи бырааһынньыктарын сатабыллаахтык тэрийэргэ, былааннанарга, сөбүлээн астыыр эбэтэр саҥа ырысыаптары биир сиргэ түмэргэ анаан оҥорбутум. Чугас киһиэхэ олус күндү бэлэх буолаллар.
– Аны туран, сахалыы тылынан аан маҥнайгы “Истиҥ” подкаст (аныгылыы араадьыйа) ыытаҕын. Бииртэн биир эриэккэс, ураты дьарыктар…
– Тыл үөрэхтээҕэ буоларым быһыытынан, сахалыы эйгэни кэҥэтэр туһуттан бэйэм кылааппын киллэрэ сатыыбын. Дьүөгэбин Тамара Никитинаны кытта “Истиҥ” диэн подкаст таһаарабыт. Сахабыт сирин кэрэхсэнэр дьонун кытта истиҥ кэпсэтиилэрбитин хас биирдии саха ыала истиэн, сэргиэн олус баҕарабыт.
– Дьэ, чахчы да бириэмэни сөптөөхтүк аттарар буолан, элбэҕи ситиһэр эбиккин дии.
– Элбэҕи ситиһэ сатыыр баҕа баар. Ол да буоллар сиппэккэ, кыайбакка сылдьарым, биллэн турар, элбэх. Баҕа санаам үтүмэн үгүс. Мин санаабар, баҕа санаа уонна элбэх оҕо киһини хамсатар күүс буолаллар. Эрдэ утуйа, тура сатыыбын, тугу да гыммакка сыппытым диэн суох.
– Оҕолоруҥ тустарынан кэпсии түһүөҥ дуо? Иллэҥ кэмнэригэр тугу гыналларый? Хас саастаахтарый?
– Уолбут 10-наах, кыргыттар 9, 4, 2 саастаахтар. Оҕо-оҕо курдук мэниктииллэрин, мультик, ютуб көрөллөрүн сөбүлүүллэр. Киэһэтин аҕабыт кэллэҕинэ, эттэрин-сииннэрин эрчийэр, дэлби мэниктэтэр, хамсатар. Кыралар уруһуйдууллар, пазл оҥороллор, куукулалаах оонньууллар. Уолбут леголыыр, улахан кыыспыт үҥкүүлүүр, слайм оҥорор, ас астыырга көмөлөһөр. Карантиҥҥа олорон, бэйэтэ сымыыт ыһаарылыырга үөрэнэн, сарсыарда аайы бииргэ төрөөбүттэригэр оҥорон сиэтэр.
– Эдэр төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Киһи бу орто дойдуга үүнэ-сайда, сирдээҕи дьолу билэ, дьоҥҥо ол туругуттар бэрсэ, үллэстэ, таптал, дьол эйгэтин оҥоро, тэнитэ кэлэр. Кэнчээри ыччаппыт хайдах дьон буолуохтарын баҕарабыт да, бэйэбит оннук буоларга кыһаллыахха. Күн аайы. Дьоллоох төрөппүт дьоллоох оҕону төрөтөр, иитэр.
– Елена, истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтал.
Елена өйү-санааны сайыннарар үс кинигэни ааҕаргытыгар сүбэлиир:
- Эдэр уонна элбэх ситиһиилээх Дэн Вальдшмидт олоҕор улахан охсууну ылан, санааҕа ылларан, сүөм түһэ сылдьан, хайдах сыыһаларын өйдөөн, олоҕун санаатын хоту хайдах уларыппытын туһунан «Будь лучшей версией себя. Как обычные люди становятся выдающимися» диэн кинигэтин киһи биир тыынынан ааҕар. Киһини чаҕылхай олоххо сирдиир сүрүн оҥкуллары биэрэр. Онно киһи үлэтигэр-хамнаһыгар ураты сыһыана, бэйэтин суолун тутуһуута, билиигэ-көрүүгэ, сайдыыга талаһыыта-тардыһыыта, уһулуччу бэрээдэктээх, аһаҕас буолуута, дьоҥҥо сыһыана барыта улахан оруоллааҕын өйдөтөн суруйар. Тапталынан-махталынан олорууну, сыалы-соругу ситиһиини улуу дьон холобурдарыттан аҕалан кэпсиир.
- Психолог, бөлүһүөк, суруйааччы Анатолий Некрасов «Материнская любовь» диэн бестселлер кинигэтэ киһи өйүн-санаатын, олоҕун төрдүттэн сааһылыыр, орун-оннугар туруорар хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ остуол кинигэтэ буолар аналлаах. Бу кинигэҕэ ааптар ийэ тапталын олох атын өттүттэн көрөр, элбэх өйдөммөт түбэлтэҕэ, оҥоһуллубут сыыһаларга хараҕы арыйар, олоҕу атыннык анааран көрөргө сирдиир. Кэргэҥҥэ, оҕоҕо, төрөппүккэ уонна уопсайынан төрүччүгэ хайдах сыһыаннаах буолуохтаахпытын кэпсиир. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии сүрүн оҥкулларын биэрэр. Эт-сиин, өй-санаа өттүнэн ситии туһунан дириҥник хорутан суруйар. Киһи бу олоххо кэлбит аналын эмиэ таарыйар. Бу кинигэни сааһыттан уонна дьахтарыттан, эр киһититтэн тутулуга суох барыларыгар сүбэлиибин. Ааптар бэйэтэ этэринэн, бу кинигэни аан маҥнай эр дьон ааҕара наадалаах. Эр киһи, аҕа оруола олус үчүгэйдик арыллар.
- Флай-леди систиэмэни нууччатыппыт Светлана Гончарова диэн икки уол оҕолоох ийэ «Тайм-менеджмент для мам. 7 заповедей организованной мамы. Книга-тренинг» кыра оҕолордоох, улахан дьиэ кэргэннээх, элбэҕи ситиһиэн баҕалаах ийэҕэ олус туһалаах кинигэ. “Ыал – ийэтинэн” (мама — сердце семьи) диэн өйдөбүлүнэн сиэттэрэн, ийэ бэйэтин хайдах харыстаныахтааҕын, көрүнүөхтээҕин туһунан суруйан кинигэтин саҕалыыр. Дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ сыһыаны маҥнай ийэ олохтуурун, ол туһугар күннэтэ тугу гыныахха сөбүн сүбэлиир. Киһи олоҕор тугу баҕарарын чуолкай өйдүөхтээҕин-билиэхтээҕин уонна ол туһугар сарсыарда эрдэ туран, үлэлэһэр наада диэн тоһоҕолоон этэр. Баҕа санаалары олоххо киллэрэргэ былааннаныы көмөтө, туһата арыллар. Кыра оҕолоох ийэ күннээҕи түбүгүн, сынньалаҥын уонна үлэтин-хамнаһын хайдах дьүөрэлии тутуон сөбүн туһунан сүбэлэри мин олус туһанабын. Аны чугас дьоммут көмөтүн хайдах ылынарбыт туһунан эмиэ суруллар. Кинигэ сүрүн санаата — барыта бэйэбит илиибитигэр, олоххун уларытыаххын баҕарар буоллаххына бэйэҕиттэн саҕалаа диэн.
2 2
Записаться в клуб хочу
Инстаграм ситимигэр @elena_kopyrina киирэн көруҥ