Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Сомо5олоhуу уонна аан дойду үрдүнэн А5ыйах ахсааннаах төрүт омуктар тылларын сыллара биллэриллибитэ. Манан сибээстээн Дьокуускай Таба5атын үөрэнээччилэрэ «Семь коренных народов Якутии — семь мультфильмов» диэн бырайыагы са5алаатылар.
Кинилэр «Кэскил» о5о бэчээтин кыhата 841 остуоруйаны түмэн оңорбут «Сказки народов Севера» диэн электроннай кинигэтиттэн «Медведь и Бурундук» диэн остуоруйаны икки тылынан мультик оңордулар.
Эбэңкилии тиэкиhин Антонина Афанасьевна Винокурова, филологическай наука кандидата, доцент, ХИФУ «Северная филология» кафедратын сэбиэдиссэйэ аахта.
Мультиктары бу ссылканан киирэн көрүң, сыаналааң.
https://cloud.mail.ru/public/JGWU/9kn5owCxU
https://cloud.mail.ru/public/JqHf/jhQ6j86YA