Биһиги оскуолабыт мусуойыгар биир дьикти экспонат баар: улахан баҕайы “Похвальный лист”. Кээмэйдээн көрбүппүт, 39,9 х 52,7 см. эбит. Бу 31.05.1914 сыллаахха Бүлүүтээҕи үрдүкү начальнай IV кылаастаах училище II кылааһын үөрэнээччитэ Степан Ивановка үчүгэй бэрээдэктээх уонна үөрэҕэр ситиһиилэрдээх үөрэх дьылын түмүктээбитин иһин (за примерное поведение и успехи, оказанные им в истекшем учебном году) бэриллибит.
Хайҕал лиис аллараа өттүгэр председатель Совета, инспектор, Члены Совета: Законоучитель, учителя уонна бүтэһигинэн Секретарь Совета диэҥҥэ А. Кулаковскай илии баттаабыттар. Саха литературатын төрүттээччи, поэт А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй бу училищеҕа (оскуолаҕа) 1912-1915 сс. үлэлээбит, естественно-математическай цикл предметтэрин үөрэппит. Онон Степан Иванов киниэхэ үөрэммит эбит.
Бу хайҕал лиис дьиҥнээҕэ П.Х. Староватов аатынан Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр музейга баар, биһиги музейбытыгар кини хайдах баарынан куоппуйатын Г.С. Донской аатынан Бүлүүтээҕи норуот үөрэҕириитин музейа бэлэхтээбит. Тоҕо диэтэххэ, ити хайҕал лиис бэриллибит үөрэнээччитэ Степан Иванов биһиги биир дойдулаахпыт. Кини 1899 (1896) сыллаахха Тоҕус нэһилиэгэр Сэбирдэх диэн алааска төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүт убайа Дмитрий Иванов эмиэ үөрэҕэр дьоҕурдаах буолан, ыраах Казань куоракка учуутал семинариятыгар үөрэнэ барбыт, ыарытыйан, дойдутугар төннөн кэлээри сылдьан 1905 сыллаахха өлбүт.
Степан Иванов ити училищеҕа үөрэнэр кэмигэр С.М. Аржаков, С.Ф. Гоголев, М.Г. Потапова үөрэммиттэр эбит. 1918 сыллаахха Степан Аржаков Бүлүүгэ рабочайдар депутаттарын Сэбиэтин тэрийбит, Степан Иванов 09.06.1918. Совдеп чилиэнинэн талыллыбыт. Үөһээ Бүлүүгэ, Куочайга, Мархаҕа, Сунтаарга командировкаҕа сылдьан, сири дууһанан түҥэтии үлэтин ыыппыт, Бүлүү улууһугар “предметы необходимости” үллэриигэ, Сэбиэскэй былаас туһугар бэриниилээхтик үлэлээбит. Командировкаларга сылдьыбытын туһунан докумуоннар эмиэ Бүлүү музейыгар хараллан сыталлар.
1918 сыллаахха атырдьах ыйыгар “Дьокуускайы контрреволюционердар ылбыттарыгар” Бүлүүтээҕи Совдеп:
“С.М. Аржаков, С.Ф. Гоголев, П.Ф. Агалишин, Д.А. Фридман, П.П. Харлампьев, С.И. Иванов, Г.И. Расторгуев”— “Бодойбо уонна Баргузин нөҥүө Илин Сибииргэ сэбиэскэй Россияҕа тиийэн охсуһууну салгыырга быһаарыммыт” (А.И.Николаев. “Октябрь суола”, 1987 с.). “Кинилэри Өлүөхүмэттэн 16 киһилээх үрүҥ этэрээтэ Хороттон чугас Тымныы Уулаах диэн сиргэ тоһуйбута. Кытыгырас, эдэркээн уол Степан Иванов куотаары соруммутугар, саа луоһунан үлтү кулаан түһэрбиттэрэ уонна ытан кэбиспиттэрэ. Ити 1918 сыл балаҕан ыйын 11 күнүгэр этэ” (“Бастакы Тоҕус нэһилиэгэ”, 2005 с.). Ити ыарахан түгэн туһунан С. Гоголев Муся Потаповаҕа түрмэттэн суруйбут. М.Г. Потапова-Габышева эдэр сааһын туһунан Н. Кондаков “Кыһыл чолбон” документальнай сэһэнигэр эмиэ ахтыбыт: “… Орто Бүлүү дьадаҥы ыалын уолчаана, бэрт эрэйинэн үөрэнэн, саҥа былааска үүнэн, Совдеп чилиэнэ буолбута. Хаарыаннаах доҕорбут, быраһаай!”
Инникитин нэһилиэкпит элбэҕи эрэммит бастыҥ ыччата, биир дойдулаахпыт кылгас да буоллар, чаҕылхай олоҕун билистибит. Ити курдук, биир экспонаты көрөммүт, элбэҕи биллибит.
Карина ВАСИЛЬЕВА, Янетта ЕРЕМЕЕВА, Роксана ПАВЛОВА,
“Юный краевед” куруһуок иитиллээччилэрэ,
Тоҕус орто оскуолатын V кылааһын үөрэнээччилэрэ,
Бүлүү улууһа.