Бүгүн, ыам ыйын 6 күнүгэр, ИТ-паркаҕа “Точка кипения” саалатыгар үөрэхтээх физик, Иоган Егорович Максимовы кытта “Якутия – оплот эколого-духовного возрождения России и созидания биосферной колыбели жизни на земле” тиэмэ тула кэпсэтии буолан ааста.
Бу тэрээһиҥҥэ И. Е. Максимов бэйэтин үлэлэрин билиһиннэрдэ. Көрсүһүү сүрүн сыала, соруга аныгы технологиянан айылҕаны сөпкө туһанан, экологическэй духуобунаһы сайыннарыы буолар. Айар үлэтин устата айылҕа, куйаар араас кыһалҕаларын ырытан элбэх ыйытыыларга эппиэт биэрбит.
— Экодухуобунас – саҥа көрүүлээх, кэскиллээх, уустук өрүттэрдээх үөрэх. Бу үөрэх биир сүрүн соругунан ФГОС-ка экологическэй култуураны уонна духуобунаһы үрдэтии буолуохтаах. Экологическэй духуобунаһы ыччакка, билиҥҥи көлүөнэҕэ иэҥэрэн, өйдөбүлүн тиэрдэн, салгыы сүүһүнэн сылларга тиийэ саҥалыы кэскиллээх үөрэх таһыма буолуоҕа. Онон сыыйа өйдөөн, үөрэтэн иһэбит. — диэн Иоган Егорович бэлиэтиир.
Маннык тэрээһиннэр, көрсүһүүлэр ыытыллаллара олус туһалаах дии саныыбын. Иоган Егоровичка махтанабыт.
Ыам ыйын 7 күнүгэр А. С. Пушкин аатынан национальнай библиотека историческэй саалатыгар И. Е. Максимов кинигэлэрин билиһиннэриитэ буолар.
Анастасия Местникова