Биллэрин курдук, туһаттан тахсыбыт элбэх батарейка бөххө быраҕыллаллар. Ити тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа, окко-маска улахан буортулааҕын, куһаҕаннык дьайарын анал идэлээх дьон бэлиэтииллэр. Биһиги оскуолабыт сыллата “Сдай, батарейку” диэн эко-акцияҕа кыттыыны ылар. Акция кэмигэр эко-уруоктар, кылаас чаастара, уруһуй күрэҕэ олус тэрээһиннээхтик, көхтөөхтүк ыытыллар.
Быйыл 823 устуука туһаныллыбыт батарейканы хомуйдубут, ол аата 11 кг 300 гр буолла. Хомуйбут батарейкаларбытын Амма улууһун экология управлениятыгар туттардыбыт.
ХХI үйэ саамай улахан тыын боппуруоһунан — тулалыыр эйгэбитин, ытык айылҕаны харыстааһын буоларын өйдүөх тустаахпыт.
Анетта Гаврильева, Эмис орто оскуолата.