Үөрэх дьыла бүтэн, сайыҥҥы сынньалаҥнар, лааҕырдар үлэлэрэ саҕаланна. Матта нэһилиэгэр оскуолабыт иһинэн «Эйгэ» лааҕыр иккис нэдиэлэтин үлэлии турар. Лааҕыр краеведческай хайысхалаах.
Саастарынан уонна сүһүөхтэринэн үс хамаанданан оҕолор араас интэриэһинэй тэрээһиннэри толкуйдууллар, оонньууллар. Манна үөрэнээччилэртэн Ярик Григорьев, Каролина Аталларова уонна устудьуон Виктория Владиславовна Павлова диэн баһаатайдар бааллар.
Икки күн устата биһиги лааҕырбыт оҕолоругар «шефтэһэр» сыаллаах А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия үөрэнээччилэрэ уонна «Олох үөрэҕэ» лаборатория салайааччыта Татьяна Ильинична Жиркова кэллиэгэлэрин кытта «Өбүгэлэрбит аартык суолларынан» диэн айан экспедициялара ыалдьыттаатылар.
Мин хайдах, ханан сылдьалларын билээри уонна «Куорсун» пресс-киин сорудаҕынан икки күн сырыттым.
Бастакы күн
Сахалыы сиэринэн лааҕыр оҕолоро алаадьылаах, кымыстаах ыалдьыттары көрүстүлэр. «Эйгэлэр» ырыалаах, үҥкүүлээх кыра кэнсиэр көрдөрдүлэр. Онтон оскуола мусуойугар Мария Гаврильевна үөрэх завуһа нэҺилиэкпит устуоруйатын кэпсээтэ. Марфа Дмитриевна минньигэс эбиэтин аһаан-сиэн ыалдьыттар айаннарын УҺун Эбэттэн саҕалаатылар. Матта бастакы оскуолатын 103 саастаах аһа5ас мусуойга, сэрии кэмигэр тыылга үлэлээбит ытык бэлиэҕэ сырыттылар. Салгыы Матта биир кэрэ сиригэр Дьаргымах алааска, тыаллаах, тымныы диэбэккэ, ыалдьыттар уонна «Эйгэлэр» балаакка туруоран аһаҕас халлааҥҥа айылҕаҕа аһаан, веревочнай оонньуулары оонньоон, бэйэ-бэйэлэрин кытта билистилэр. Ардах күүһүрбүтүнэн оҕолор бары учууталларын кытта оскуолаҕа тиийэн бастакы күннэрин түмүктээтилэр.
Иккис күн
Оҕолор, ыалдьыттар сарсыардааҥҥы аһылыктарын аһаан, бүтэһик машруттарыгар ардах аннынан туруннулар. Өбүгэлэрбит олорбут «Кулун атах» ытык сирдэригэр сатыы тиийэн көрдүлэр. 8 кылаас үөрэнээччитэ Ярик Григорьев уонна лааҕыр салайааччыта Вероника Валерьевна алаас устуоруйатын кэпсээтилэр.
Экспедиция түмүктэнэн, оҕолор бары оскуолаҕа кэлэн итии аһылыгы аһаан, «Эйгэ» оҕолоро уонна ЯГНГ үөрэнээччилэрэ икки күн тугу билбиттэрин, сэргээбиттэрин рефлексиялаатылар, ыалдьыттар быдан үчүгэйдик оонньообут, актыыбынай оҕолорго сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Онтон биһиги оҕолорбут икки күн сылдьыбыт айаннарыттан умнуллубат хаартыска коллаһын оҥорон утары бэлэх туттардылар.
Төһө да ардахтаах күннэр буолбуттарын да иһин, оҕолорго саҥа билсиһиилэр, элбэх интэриэһинэй, умнуллубат түгэннэр аастылар. Кэлэр сылга икки оскуола «Матта +ЯГНГ= ДоҕордоҺуу» бырайыак салҕанарын бары биир санаанан эттилэр. «Эһиил көрсүөххэ диэри!», — диэн «Эйгэ» оҕолоро сайыһа хааллылар.
Даяна КЫЧКИНА, 9 кыл. үөрэнээччитэ, » Куорсун» пресс-киин.
Е.Д. Кычкин аатынан Матта орто оскуолата, Мэҥэ-Хаҥалас.