Егор Петрович Неймохов аатынан Мэҥэ Алдан орто оскуолата 1914 сыллаахха тохсунньу 14 күнүгэр аһыллыбыта. Бастакы учууталынан С.Н.Черемкин үлэлээбитэ. Онтон ыла 110 сыл ааста.
Тыһыынчанан оҕо оскуолаҕа үөрэнэн, олох киэн аартыгар үктэммитэ. 1998 сыллаахха агропредпринимательскай, 2003 сыллаахха агротехнологической орто оскуола статуһун ылбыта.
Оскуолаҕа билигин 109 оҕо үөрэнэр, 53 үлэһиттээх, онтон 22 учуутал. Билиҥҥи кэмҥэ оскуолаҕа үлэлии сылдьар үрдүк үөрэхтээх 19 учуутал, орто үөрэхтээх – 2 учуутал. 8 учуутал үрдүк категориялаах, 6 учуутал I категориялаах, 5 учуутал базовай категориялаах, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуннара, Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах учууталлара бааллар.
Оскуола педколлектива аныгы ирдэбилгэ сөп тубэһэр. Бутэһик сылларга кинилэр үлэлэрэ оскуола туруоруммут сыалын уонна задачаларын толорорун дакаастыыр уонна элбэх кыайыылары ситиһэр. Ол курдук, учууталлар муниципальнай, региональнай уонна федеральнай конкурстарга, фестивальлларга кытталлар. Кэнники үс сыл иһигэр 6 муниципальнай, 6 республиканскай көрүү-конкурстарга, 1 Аан дойдутааҕы фестивальга кыттыбыттара. 2003-2004 үөрэх дьылыгар 3 бастакы миэстэ, 1 иккис миэстэ, онтон 2005-2006 үөрэх дьылыгар 2 бастакы, 1 иккис миэстэ буолбуттара Оскуола эмиэ үөрэнээччилэрэ сыллата араас күрэхтэргэ кыттан элбэх ситиһиилэннилэр.
Саҥа таас оскуола үлэҕэ киириэҕиттэн биһиги оскуолабытыгар араас хабааннаах оройуоннай уонна республиканскай тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ааспыт үөрэх дьылыгар районнай «Инникигэ хардыы» научно-практическай конференция (100 кыттааччы), «Снежный барс» ырыа уонна строевой хаамыыга күрэхтэһии – 60 кыттааччы, баскетбол спортивнай күрэхтэһиитэ(160 кыттааччы), республиканскай «Школа юного исследователя» диэн эдэр учёнайдар кыттыылаах конференциялар буолан аастылар.
Биһиги үөрэнээччилэрбит чинчийэр үлэнэн дьарыктаналларын олус сөбүлүүллэр уонна араас хабааннаах районнай, республиканскай конференцияларга көхтөөхтүк кытталлар. Сылын ахсын конференцияларга кыттааччы ахсаана элбээн иһэр. Чинчийэр үлэнэн оскуолабыт алын сүһүөх кылаастарыттан саҕалаан дьарыктаналлар. Кырачааннарга учууталларын таһынан төрөппүттэр көмө буолаллар. Бэчээттииргэ, презентация оҥорорго көмөлөһөллөр. Ону таһынан араас бырааынньыктары, күрэхтэри ыытарга төрөппүттэр көмөлөрө улахан.
Биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрэ сайынын оскуола иһинэн үлэлиир «Көмүс гектар» уонна«Аргыс» үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарыгар көхтөөхтүк үлэлииллэр. Оскуолабытыгар ЮДМ кулууп, «Мичээр», «Айтал», «Дружба» диэн оҕолор түмсүүлэрэ үлэлииллэр.
Т.Е. Ордахова, Е.П. Неймохов аатынан Мэҥэ Алдан орто оскуолатын дириэктэрэ, Томпо