Дьааҥы оройуонугар, Арыылаах орто оскуолатыгар «Үктэл» оҕо тэрилтэтэ ситиһиилээхтик үлэлиир. Оскуола оҕолоро лидер ким буоларын быыбардаан талаллар. Лидер кандидатуратыгар талыллар кандидат-оҕолор бэйэлэрэ бырагырааммалаах, кинилэри агитациялыыр анал бөлөхтөөх буолаллар. Быыбарга оскуола оҕото барыта кыттар. Ол курдук, оскуола лидерынан Егор Аммосов талыллыбыта. Егор ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьар. Кинини кытта кэпсэттим:
— Оскуола лидерынан хаһыс сылгын үлэлиигиний?
— Быйыл иккис сылым буолар. 10 уонна 11 кылааспар лидердаатым.
— Быйыл ЕГЭ туттарар сылыҥ. Үөрэххэр лидер буоларыҥ мэһэйдээбэт ду?
— Суох, мэһэйдээбэт. 9 кылааска ОГЭ эксээмэннрин туттартым. Ол кэмҥэ оҕо тэрилтэбит актыыбар баарым. Мэһэйдээбэтэҕэ. Бириэмэни сөпкө аттарынан туһаннахха барыта ситиһиллэр. Бу да сырыыга нуучча тылыгар өйтөн суруйууну этэҥҥэ аастым. Аны эксээмэннэрбэр бэлэмнэниэм.
— Ситиһиилээх үөрэҕи баҕарабын. Активнай позициялаах буолалларыгар оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Бириэмэҕитин сөпкө туттуҥ. Тэрээһиннэргэ кыттыҥ, үөрэххитин кичэйиҥ.
— Тугунан дьарыктанаргын сөбүлүүгүнүй?
— Иллэҥ кэммэр футболлуубун, гитараҕа оонньуурбун сөбүлүүбүн.
— Инники былааныҥ?
— ЕГЭ-бин үчүгэйдик туттаран салгыы үөрэххэ киирбит киһи диэн баҕа санаалаахпын. Билигиҥҥи туругунан МЧС үлэһитэ эбэтэр юрист буолуохпун баҕарабын.
— Оҕолорго, учууталларга тугу баҕарыаҥ этэй?
— Бары доруобай буолуҥ, оччоҕуна ситиһии да, кыайыы да кэлиэ. Миигин Ил Дархан харыйатыгар талан ыыппыттарыгар учууталларбар улахан махтал. Ол үөрүүбүттэн кыратык долгуйуу да баар.
Егор лидер эрэ буолбакка үөрэххэ, спорка, ырыа эйгэтигэр ситиһиилэнэн Ил Дархан харыйатыгар кыттар. Киниэхэ өссө төгүл ситиһиилэри баҕарабын!
Илларион Старостин,
X кылаас.
Арыылаах орто оскуолатын «Аартык» эдкора,
Дьааҥы.