2017-2018 үөрэх дьылыгар Кэнтик оскуолатын библиотекара Елена Петровна Дмитриева, оскуола үөрэҕин завуһа Вера Васильевна Николаева көҕүлээһиннэринэн, библиотека активын оҕолоро оскуолабыт иһинэн «Сынньалаҥҥа — дорҕоонноохтук ааҕыы» диэн сонун бырайыагы саҕалаатылар.
Бу бырайыак сүрүн сыала:
- — ааҕыы культуратыгар уһуйуу, кинигэ ааҕарга интэриэһи үөскэтии, ааҕааччыны иитии буолар.
- — оҕону сырдыкка, ырааска, кэскиллээххэ, үйэлээххэ киллэрии.
Оҕону бэрт кыратыттан кинигэни умсугуйан ааҕарга тус бэйэтигэр суолталаахтык ылынар кыаҕын олоҕурдар ньымаларынан үөрэтии эрэйиллэр. Кылаастан кылааска тахсан истэҕин аайы айымньыны ылынар дьоҕура сыыйа дириҥээн, эстетическэй таһымҥа тиийэн, үрдүк культуралаах ааҕааччы, айааччы буолан тахсыахтаах.
“Сынньалаҥҥа — дорҕооннохтук ааҕыы” бырайыак үлэтин саҕалыаҕыттан оҕолор биирдиилээн, кылааһынан уһун сынньалаҥ (перемена) кэмигэр элбэхтик, көхтөөхтүк, баҕаран туран ааҕар буоллулар.
Нэдиэлэ бүтэһигэр оскуола иһинэн саамай дорҕооннохтук, элбэхтик аахпыт оҕолорго оскуола линейкатыгар грамота уонна кинигэ туттарыллар. Ону таһынан чиэппэр аайы үөрэх завуһа, тыл уруогун учууталлара оҕо дорҕоонноохтук ааҕарын, аахпытын төһө бэркэ өйдөөбүтүн кэтээн көрөллөр (мониторинг). Онон кэлиҥҥи үс сылга оҕо кинигэни сэргээн ааҕара, уларсара, түргэнник ааҕар тэтимэ түргэтээтэ. Манна бүттүүн оскуола коллектива бииргэ үлэлиирэ көстөр.
Быйылгы үөрэх дьылыгар «Ээчэ, Бээчэ ааҕар ыалынан ыалдьыттыыр» бырайыак оҕолору үөртэ. Манна киирэр Ээчэ, Бээчэ оҕолорго кинигэ аахтарыыта, ыалларынан ыалдьыттыыра, библиотека иһинэн ыытыллар оонньуу-уруоктар, биктэриинэлэр. Эбии бөлөҕүнэн үлэҕэ — кинигэни билиһиннэрэргэ, сыанабыл оҥорорго үөрэнии, бэйэ остуоруйатын айарга үөрэнии, истибит остуоруйаларын туһунан сиһилии кэпсэтии. Нэдиэлэ бүтэһигэр долгутуулаах, кэтэһиилээх түгэн үүнэр: өрөбүллэргэ Ээчэ, Бээчэ элбэхтик кинигэни аахпыт, библиотекаҕа сылдьыбыт оҕоҕо «Ааҕааччы тэтэрээтин”, ааҕар кинигэтин илдьэ ыалдьыттыы барар. Онно оҕолорго сорудах биэрэр:
- Ээчэ уонна Бээчэ бэриллибит “Ааҕааччы тэтэрээтэ» толоруу;
- Нэдиэлэ саҕаланыыта библиотекарьга кэлэн, тугу аахпытын хаартысканан отчуоттуур, аахпыт кинигэтин кэпсээн туттарар;
Түмүккэ бу бырайыак саас научнай-практическай ааҕыыларга тахсара күүтүллэр. Инникитин да саҥа бырайыактары үлэлэтэн, оҕолорго ааҕыыга интэриэһи тардарга үлэ барар.
Үөһээ Бүлүү улууһун Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан Кэнтик оскуолата.
Хаартыскаларга:
- Күнэйэ Николаева, II кылаас үөрэнээччитэ. Библиотекаҕа элбэхтик сылдьан, кинигэ уларсан, дорҕоонноохтук ааҕан, Ээчэни өрөбүллэргэ дьиэтигэр илдьэ барда.
- Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах дэриэбинэтигэр 40 сыл библиотекарынан үлэлээбит, СӨ культуратын туйгуна Шологонова Марфа Дмитриевна сиэнигэр Күнэйэҕэ кинигэ аахтарар.
- Биктэриинэ, дорҕоонноохтук ааҕыы түгэннэрэ.
.