Төрөппүттэр, оҕолоро сайдалларын туһугар, араас куруһуокка киллэрэллэр, сиэксийэҕэ сырытыннараллар. Улаатан эрэр оҕо бэйэтин баҕатынан дьарыктанар буоллаҕына, эт-хаан, күүс-уох өттүнэн быдан сайдар, билиитэ-көрүүтэ кэҥиир. Билигин спорка сыһыаннаах секция элбэх. Олортон биир интэриэһинэйдэрэ уонна Саха сиригэр улахан хамсааһыны киллэрэн эрэр спорт саҥа көрүҥэ баар буолла. Бүгүҥҥү кэпсээн ол туһунан.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин альпинизмҥа уонна хайаҕа ыттыыга федерацията Дьокуускай куорат 2 №-дээх орто оскуолатын саалатыгар оҕолору үөһээ ыттарга, хатаастарга, сөпкө хамсанарга үөрэтэр секцияны аспыта үс сыл буолла. Бу саҥа көрүҥү тэрийээччи уонна салайааччы, эрчийээччи Александр Ильич Спиридоновы кытта кэпсэттибит.
Аан бастаан туруору таас хайаҕа ыттыы XIX үйэҕэ Германия, Австрия хайалаах оройуоннарыгар, көхтөөх сынньалаҥ быһыытынан, үөскээбитэ. Оттон Советскай Союзка 1947 сылга Арҕаа Кавказка Домбай хайатыгар спорт көрүҥүнэн билиниллибитэ. Маҥнай сүрүн күрэхтэһиилэри таас хайаларга альпинистар тэрийэллэрэ. ХХ үйэ 80-с, 90-с сылларыттан саҕалаан, бу көрүҥ бүтүннүү спорт саалатыгар ыытыллар буолбута. Билигин оскуола оҕолоро хайаҕа ыттыыларын күрэҕэ Бүтүн Россиятааҕы спортивнай Оонньууларга уонна Спартакиадаларга киллэрилиннэ. Оттон 2020 сылга Токиоҕа ыытыллыахтаах сайыҥҥы Олимпиадаҕа бу көрүҥҥэ икки кэмпилиэк мэтээл оонньонуохтаах.
– Хайаҕа ыттарга хайдах бэлэмнэниэххэ сөбүй?
– Скалодормҥа ыттыы, ханнык баҕарар спорт көрүҥүн курдук, бастаан оҕо холонон көрөн, бэйэтигэр сөптөөх сыананы туруорунан, сөбүлээтэҕинэ салгыы дьарыктанар. Сорохтор хайаҕа ыттыыны наһаа чэпчэки курдук саныыллар. Дьиҥинэн ыллахха, оннук буолбатах. Оҕо эт-хаан өттүнэн күүстээх, кытаанах санаалаах, сытыы-сымса буолуохтаах. Ол гынан баран, үгүстэр үрдүктэн куттаналлар. Эн эрчиллиигэ хамсанан, быччыҥҥын үлэлэтэн, имигэс, тулуурдаах, эрэллээх буолаххына биирдэ сатыыр, кыайар буолаҕын. Олимпийскай «Быстрее, выше, сильнее» диэн этии хайаҕа ыттааччыга үүт-үкчү барсар. Үөһэ хатаастарга түргэн, быһый, күүстээх хаачыстыба ирдэнэр.
– Оҕолору хайдах дьарыктыыгыт?
– Сиэксийэҕэ хас биирдии оҕо бэйэтин кыаҕынан сайдар. Тус бэйэтэ үтүө баҕатынан үөрэнэргэ дьулуһар. Оттон бу ыарахан көрүҥү кэрэхсиир чахчы сөбүлээтэҕинэ, кыра эрдэҕиттэн уһуйуохха, үөрэтиэххэ сөп. Ол эрээри, оҕо өйүн-санаатын наһаа ноҕуруускалаабаппыт. Кинилэр сүрүн сыаллара – спорка үрдүгү ситиһии. Оттон сорохторго сынньалаҥ, билсиһии, иллэҥ кэми туһалаахтык атаарыы буолар.
– Хайаҕа ыттарга туох ыараханнааҕый?
– Сорох төрөппүттэр оҕолорун күүстээх өрүтүн таба көрөн, ону сайыннарарга дьулуһаллар. Ол эрээри, мин кэтээн көрүүбүнэн, кини мөлтөх өрүттэрин тэҥҥэ дьүөрэлии тутан, тупсарар наада. Өскөтүн күүс-уох өттүнэн мөлтөх буоллаҕына, биһиги сиэксийэҕэ ол өттүн сайыннарыахтаахпыт. Доруобуйаны тупсарыы уонна спорт үрдүкү көрдөрүүлэрэ диэн тус-туспа өйдөбүллэр. Үгүс төрөппүт оҕону кыра сааһыттан араас дьарыкка сыһыаран, күрэхтэһиннэрэн, онно хайаан да кыайыыны ситиһиннэрэ сатаан, оҕо баҕатын хаҕыннаран кэбиһэр.
Россия хайаҕа ыттыы тренерэ этэр: «Үөрэнээччи 12-13 сааһыгар диэри араас көрүҥнэринэн дьарыктанар. Дьэ, онтон 14 сааһын ситтэҕинэ, кини сыһыаннаах спордун көрүҥэр үөрэтии барыахтаах».
– Төрөппүт сыһыана хайдаҕый?
– Араас. Ханнык баҕарар киһи, холобур, спорт бу көрүҥүн туһунан истибэтэх буоллаҕына, спорт кутталлаах көрүҥүнэн ааттыыр. Үгүстэр үөһээ ыттыыны хайаҕа ыттар альпинизмы кытта бутуйаллар. Альпинизм – экстримальнай спорт. Оттон үөһээ ыттыы спорт атлтетическай көрүҥэ. Биһиги Россияҕа баар скадромнары үөрэтэн, физкультура уонна спорт институтун үлэһиттэрин кытта ааҕарбытыгар, скалором 40 бырыһыана оскуолаларга турар эбит! Бу олус үчүгэй. Ханнык баҕарар спорт, хамсаныы оҕо эрдэхтэн саҕаланар. Хайа оҕо ыскаапка, түннүккэ, бүтэйгэ, күрүөҕэ ыттыбатаҕай, моҕотойу эккирэтэн маска хатаастыбатаҕай? Оҕоҕо дьарыктанар тренажера төһөнөн чугас даҕаны, соччонон сүүйүүлээх, барыстаах. Кини хаһан баҕарар дьарыктаныан, хатааста, ытта, сүүрэ-көтө сылдьыан сөп. Онтон устунан улахан спорка көһүө!
– Уопсайа холбоон төһө элбэх оҕо сиэксийэҕэ сылдьарый?
– Хомойуох иһин, олус аҕыйах. Биһиги саалабыт Саха сиригэр соҕотох, онно эбии оскуола иһигэр турар буолан, дьарыкка миэстэ, бириэмэ тиийбэт.
– Оҕону хас сааһыттан ылаҕыт?
– 12 саастарыттан.
– Хайдах таҥас наада буолар?
– Элбэх таҥас ирдэммэт. Холобур, футболга, хоккейга таҥаһа-саба, тэриллэрэ элбэх, эбиитин сыаната ыарахан. Хайаҕа ыттарга аналлаах түүппүлэ, сыаната 3000 тыһыынча курдук, оттон улахан кылаас оҕолоругар бороһуок магнезия наада, сыаната 500 солк.
– Өскөтүн оҕо ыарыһах, ол эрээри, кини дьарыктанар баҕа санаалаах буоллаҕына?
– Медицина өттүнэн көннөрү хааччахтааһын диэн суох. Ол да буоллар, эн үөһээ ыттаргар, хатаастаргар элбэхтэ хамсанаҕын уонна бэрт түргэнник быһаарыныыны ылынаҕын. Холобур, спорт көрүҥэр – чэпчэки атлетикаҕа тэҥниэххэ сөп. Өскөтүн киһи оһоллоох, сүһүөхтэрэ ыалдьар, сүрэҕэ мөлтөх буоллаҕына, биһиги ноҕуруускатын аччатан биэрэбит. Ол эрээри, төһө кыалларынан, баҕалааҕы барыларын киллэрэ сатыыбыт. Онон, спорт бу саҥа уонна дьикти көрүҥүнэн дьарыктаныан баҕалаахтар Дьокуускай 2 №-дээх орто оскуолатыгар кэлэн билсиҥ, көрүҥ, нэдиэлэҕэ үстэ дьарыктаныҥ! Киириитэ уонна дьарыга…босхо!
Павел Ильин.
Хаартыскаларга: 1-3. Оҕолор хайаҕа ыттыыга дьарыктаналлар.