Билигин дойдубутугар тыҥаан турар кэмҥэ бары бүттүүн турунан, улаханныын-кыралыын бары биир сомоҕо буолан, бэйэ-бэйэни өйдөһөн, үтүө эрэ санаанан салайтаран сылдьыахтаахпыт. Оҕолорбут ону эмиэ өйдөөн, араас хабааннаах үлэни, тэрээһини ыыталлар, тэрийэллэр.
“Үөһээ Бүлүү улууһун оскуолаларын оҕо хамсааһыннара бүттүүн “Үтүө суруктар” (Письмо солдату) диэн бүтүн Россиятааҕы ааксыйаҕа көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Манна оҕолор байыаннай операцияҕа кытта сылдьар хорсун саллааттарга санааларын көтөҕөр, күүстэригэр күүс эбэр ис дууһаларыттан суруйбут баҕа санааларын араас уруһуйунан киэргэтэн, ситэрэн, эйэлээх олоҕу уруйдаан, хас биирдии оҕо сүрэҕин сылааһын ууран суруйбут суруктарын ыыттылар.
Маны таһынан, оҕо хамсааһыннарын оҕолоро мобилизацияҕа ыҥырыллыбыт дьонноох дьиэ кэргэттэргэ дьиэ тас үлэтигэр көмөлөһөллөр, күүс-көмө өйөбүл буолаллар. Бу ыарахан кэмҥэ бары биир санаанан бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, өйдөһөн сырыттахпытына ханнык да ыарахаттары туоруохпут, кыайыахпыт диэн оҕолор күүстээх баҕа санаалаахтар”, — диэн Үөһээ Бүлүүтээҕи эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ «Тускул» оҕо киинин оҕо хамсааһынын методиһа Саргылана Лукинична Ильина биллэрэр.
Маннык оҕолорбут бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрэллэрэ киһини үөрдэр.
Үөһээ Бүлүүтээҕи «Тускул» оҕо киинин пресс-киинэ.