Оҕолор күһүҥҥү кэтэһиилээх сынньалаҥнара саҕаланаатын кытта, Ороһу нэһилиэгин Уйбаан Ороһуунускай аатынан модельнай бибилэтиэкэтигэр (сэбиэдиссэй Иванова Ж.С.) араас тэрээһин ыытылынна.
Ол курдук, Харбалаах оскуолатын уонна «Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕүн оҕолоро, саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай 115 сылын чэрчитинэн тахсыбыт «Олох оскуолата» кинигэтинэн, тэттик сериал киинэ салгыытын уһуллулар. Ону таһынан, нэдиэлэ күнүнэн аттаран, киинэлэр көһүннүлэр, остуол оонньуулара оонньоннулар.
Байанай ыйа саҕаламмытынан, олохтоох булчут Крылатов Н.С. 7-8 кылааска үөрэнэр уолаттарга булт абылаҥын, мүччүргэннээх сырыыларын кэпсээн, уолаттар харахтарын «уматта». Михайлова Н.Н. айылҕаҕа сылдьыы сиэрин-туомун, онтон Иванова Ж.С. саха норуодунай поэта П.Н. Тобуруокап «Илии тутуурдаах» кинигэтиттэн кэпсээннэри ааҕан, санаа атастаһыытын ыытта.
Түөрт уол Байанайга аналлаах күрэххэ кытынна. Күрэх түһүмэхтэригэр таабырын, кыыл-көтөр суолун, хартыыҥканан сэдэх кыыллары таайыы киирбитэ. Ону таһынан, биир сэргэх күрэҕинэн, мүнүүтэҕэ балык хатырыктааһына буолла. Күрэх уопсай түмүгүнэн, бочуоттаах үһүс миэстэни Вася Иванов, иккис миэстэни – Кирилл Петров, оттон кыайыылаах бастакы миэстэни Харысхал Малахаев ылла. Биһирэбил бирииһинэн Богдан Антонов бэлиэтэннэ.
Нэдиэлэ түмүгүнэн «Улахан этнографическай диктаҥҥа» Кирилл Петров, Александр Прокопьев, Алгыстаан Колесов ситиһиилээхтик кытыннылар.
Ити курдук, оҕолорго аналлаах сынньалаҥ нэдиэлэтэ көдьүүстээхтик ааста.
Ванесса Васильева,
«Тымтык» э/к пост, Ороһу, Үөһээ Бүлүү.