Билиилээх-көрүүлээх, үөрэххэ тардыһыылаах киһи олоххо үгүһү ситиһэр. Ол
курдук, миэхэ үтүө холобурунан эдьийим Аня Кириллина буолар. Мин кини курдук оҕо
сааспыттан үөрэххэ, араас саҥаны тобуларга, көхтөөх буоларга дьулуһабын.
Төрөппүт оҕотугар кыһамньылаах сыһыана, сүбэтэ-амата сүрүн оруолу
толорор. Таайым Иван Григорьевич, саҥаһым Юля Михайловна элбэх оҕолоох дьиэ
кэргэн. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үөрэххэ сыһыаран, дьоҕурдарын таба таайан,
кыһамньылаах, туруоруммут сыалларын ситиһэр гына иитэллэр. Ол да иһин буолуо, Аня
кыра оҕо сааһыттан уруһуй, үҥкүү, фольклор көрүҥнэригэр дьарыктанан, ону таһынан
физика, математика уонна биология предметтэригэр утумнаахтык үөрэммитэ. В.Г.Павлов
аатынан Сунтаар 1№ оскуолатыгар 6 кылааска дылы ситиһиилээхтик үөрэнэн, уһулуччу,
айылҕаттан талааннаах, үөрэххэ ситиһиилээх оҕолор ааттарыгар киирэн, 7 кылаастан
Саранск куорат, биолого-хичимескэй хайысхалаах республиканскай лицейигэр үөрэнэ
киирэр.
Билигин Аня номнуо 11 кылааһы түмүктээри сылдьар. Биир кэлим эксээмэннэрин
ситиһиилээхтик туттардаҕына, үрдүк үөрэх кыһатыгар туттарса барыа, саҥа билии киэҥ
аартыгар үктэниэ.
Мин билигин Сунтаар улууһун П.Х.Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын
5 кылааһыгар үөрэнэ сылдьабын. Научнай-практическай кэнпириэнсийэлэргэ алын
кылаастан ситиһиилээхтик кыттабын. Эбии фольклор, уруһуй отделениеларыгар
дьарыктанабын. Үөрэхпэр кыһалларга миэхэ чугас дьонум үтүө сүбэһит, холобур
буолаллар.
Эдьийим эксээмэннэрин этэҥҥэ туттаран, талбыт үөрэҕэр туттарсан киирэригэр
баҕарабын.
Айта Кириллина, П.Х.Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын
5 кылааһын үөрэнээччитэ, Сунтаар улууһа.