Мин эһиэхэ эдьиийим туһунан сырдатыам, матырыйаалбар кинини кытта кэпсэтиибин киллэриэм. Эдьиийим Ирина Васильевна Кондакова–Осипова кыра эрдэҕиттэн сүүрүүнэн дьарыктанар. Былырыын улууспутугар буолбут “Манчаары оонньууларыгар” эстафетабыт улахан ситиһиитигэр кини кылаата эмиэ баар. Уһун дистанцияҕа сүүрүүгэ улууспутугар чаҕылхай кыайыытын бэлэхтээбитэ. Араас улахан күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара:
— Хабаровскай куоракка Уһук Илин Федеральнай уокурук чэпчэки атлетикаҕа күрэхтэһитигэр 1500, 3000 м дистанцияларга чемпионка (тохсунньу 2018 с.).
— Испанияҕа полицейскайдар уонна пожарнайдар Европейскай оонньууларын 5 төгүллээх чемпионката (балаҕан ыйын 20-29 күннэрэ 2018 с.).
— Иркутскайга Бүтүн Арассыыйатааҕы чэпчэки атлетикаҕа “Мемориал Иркутских легкоатлетов” күрэхтэһиигэ 3 км дистанцияҕа II миэстэлээх призер (2018 с.).
— Аммаҕа VII Манчаары оонньууларын 2 төгүллээх чемпионката: 1500 м уонна эстафетаҕа, 3000 м. II миэстэ (2019 с.).
— Кытайга, Чэнду куоракка Аан дойдутааҕы полицейскайдар уонна пожарнайдар оонньууларын 2 төгүллээх чемпионката (атырдьах ыйа, 2019 с.).
Киһи ылла да сүүрүүк, тустуук, охчут… буолан хаалбат. Чөл уонна күүстээх санаалаах, тулуурдаах, туруорбут сыалын ситиһэр эрэ киһи кыайыы үрдэлигэр тиийэр. Эдьиийим билигин куоракка олорор, ол эрэн сынньалаҥын кэмигэр дэриэбинэҕэ дойдутугар кэлэр. Тоҕо кини мэлдьи тыа сиригэр талаһарый? Бары билэргит курдук, дэриэбинэ салгына ыраас, айылҕата кэрэ. Эдьиийим дойдутун сылаас салгыныгар, ийэ айылҕатыгар күүс ыла таарыйа дьарыктанарын ордорор. Төһө да сынньалаҥ күнэ буолбутун иһин кини дьарыгын биирдэ даҕаны көтүппэт. Кини: «Ээ, чэ, биирдэ дьарыктамматахпына туох буолуой?» – диирин хаһан да истибэтэҕим. Дойдутугар кэллэҕинэ, кыра эрдэҕинээҕитин, оскуолатааҕы сылларын саныыр, биһиэхэ кэпсиир. Оскуолатааҕы сылларыгар эдьиийим ситиһиилэрэ манныктар:
— Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр чэпчэки атлетикаҕа 600, 800, 1500, 3000 миэтирдээх дистанцияларга хас даҕаны төгүллээх чемпионка;
— Уһук Илин Федеральнай уокурукка чэпчэки атлетикаҕа 1500, 3000 миэтирдээх дистанцияларга хас даҕаны төгүллээх призер;
— Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэргэ 800, 1500, 3000 миэтирдээх дистанцияларга хас даҕаны төгүллээх призер;
— I уонна II Аан дойдутааҕы “Азия оҕолоро” оонньууларын кыттыылааҕа.
Ааҕааччылар ордук эдьиийим Кытайга буолбут Аан дойдутааҕы полицейскайдар уонна пожарнайдар оонньууларыгар кыттыбытын туһунан билиэхтэрин баҕараллара буолуо диэн санааттан бу күрэхтэһии туһунан сиһилии ыйыталастым (инники ханна даҕаны бэчээттэнэ илик интервью).
— Маннык улахан күрэхтэһиигэ хайдах талыллыбыккыный?
Ирина Васильевна: — 2018 сыллаахха Испанияҕа буолбут полицейскайдар уонна пожарнайдар Европейскай оонньууларын кэнниттэн Аан дойдутааҕы күрэхтэһиигэ барарым биллибитэ уонна бэлэмнэниибин саҕалаабытым.
— Бэлэмнэнии хайдах буоларый?
И.В.: — Чэпчэки атлетика күн аайы эрчиллиини ирдиир. Сэттэ эбэтэр уон хонукка биирдэ эрэ сынньанар көҥүллэнэр. 2018 сыллаах күһүн тренербинээн Аан дойдутааҕы күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэр былааммытын уонна ханнык дистанцияларга кыттарбын чопчулаабыппыт. Күҥҥэ иккилиитэ дьарыктанарым. Үлэбиттэн босхоломмотоҕум, онон сарсыарда 6 чаастан хойутаабакка бастакы дьарыгым, онтон сүрүн дьарыгым үлэм кэнниттэн киэһэ 18.30 чаастан буолара. Сыал-сорук туруоран 2018 сыл алтынньытыгар уонна ыам ыйыгар Кисловодскай куоракка сбордаммытым. Аан дойдутааҕы күрэхтэһиигэ барыам биир ый иннигэр VII Манчаары оонньууларыгар кыттан икки көмүс мэтээли ылан олус үөрбүтүм, санаам көтөҕүллүбүтэ. Саха сиригэр бу оонньуу олимпийскай курдук түөрт сылга биирдэ буолар, онон күөн көрсөөччүлэрим күүстээхтэр уонна миигиттэн уон, уонтан тахса сыл эдэрдэр этэ. Бу күрэхтэһии кэнниттэн Чэнду куорат айылҕатыгар ордук чугас диэн санаанан салайтаран, Сочига сбордана көппүтүм. Этим-хааным сииктээх уонна итии дойдуга үөрэнэ туруохтааҕа. Сыл иннигэр итии күннээх Испанияҕа сөрүүн күһүҥҥү Саха сириттэн көтөн кэлэн эрэйдэммитим маннык быһаарыныы ыларбар тирэх буолбута.
— Аан дойдутааҕы күрэхтэһиигэ хайдах кыттыбыккын сиһилии кэпсиэҥ дуо?
И.В: — Күрэхтэһии тэрээһинэ олус үрдүк таһымнааҕа сонно харахха быраҕыллара. Олимпийскай оонньууларга кытта сылдьар курдук санаммытым. Олорор сирбититтэн күрэхтэһэр стадиоммутугар автобуһунан таһаллара, ханнык баҕарар общественнай транспорт босхо (анал карта биэрбиттэрэ), куорат ураты сирдэригэр (достопримечательности) сылдьыы эмиэ төлөбүрэ суох. Ол эрээри манна кэлбит сыалым-соругум атын буолан улаханнык туһамматаҕым. Оонньуу арыллыыта киин стадиоҥҥа буолбута, сценарийа киһини сөхтөрөр, хаһан даҕаны манныгы көрбөтөҕүм. Кыттааччылар бары Джеки Чан ыллаабытыттан астыммыппыт. Бүтэһигэр уп-улахан салют. Бу күрэхтэһиигэ 79 дойду кыттыбыта. Мин сүүрэр көрүҥнэрбэр афроамериканкалар күүстээхтэрэ биллэрэ. Кинилэр аттыларыгар да турар астык этэ. Уопсайынан, араас омук спортсменнарын кытта күөн көрсөрбүттэр олус долгуйбутум. Чэпчэки атлетика күрэхтэһиитэ алта күн устата ыытыллыбыта. Атырдьах ыйын 13 күнүгэр 800 м. сүүрүү буолбута. Олус итии буолан ити иннинээҕи күннэргэ сарсыарда улаханнык итийэ илигинэ эрэ дьарыктана сылдьыбытым. Төһө кыалларынан сынньанарым. 35-39 саастаахтар бөлөхтөрүгэр сүүрбүтүм. Олус элбэх ситиһиилээх аан дойдутааҕы кылаастаах спорт маастара Наташа Пермякова баарын испииһэккэ эрдэттэн көрбүтүм эрээри, кыайыыга эрэлбин ыһыктыбатаҕым, онон хара маҥнайгыттан түргэнник сүүрэн саҕалаабытым, инники испитим. Ол эрээри финиш чугаһыгар Наташаҕа ситтэрэн иккис буолбутум. Үһүс Индия спортсменката кэлбитэ. Иккис күммэр, 1500 м. сүүрүү төһө даҕаны Наташа ордук табыллар дистанцията буоларын билбитим үрдүнэн, реванш ылардыы сүүрбүтүм. Хас эргиир аайы түргэтээн испитим эрээри кып-кыранан хаалан, эмиэ үрүҥ көмүс мэтээлгэ тиксибитим. Үһүс миэстэҕэ Кытай спортсменката тахсыбыта. Наташа бу сүүрүү кэнниттэн миэхэ үлэтиттэн толору босхолоон туран бэлэмнэнэригэр кыах биэрбиттэрин кэпсээбитэ. Онон кини баҕарбыт кэмигэр сборданар, араас күрэхтэһиилэргэ кыттар эбит. Итинник өйөбүл чахчы даҕаны улахан төһүү күүс буолара өйдөнөр. Наташалыын кэпсэтиибиттэн үтүө өйдөбүл хаалбыта: ис киирбэх кыыс. Атырдьах ыйын 15 күнүгэр сынньаммытым. Атырдьах ыйын 16 күнүгэр 5000 м. сүүрбүтүм. Бу күн даҕаны инники күннэр курдук +36 кыраадыс итии этэ. Старт линиятыгар 18 этибит, быраабыла быһыытынан, 2 эрээтинэн туруорбуттара. Күөн көрсөөччүлэрим тас көрүҥнэриттэн, шиповкаларыттан, сүүрэр хамсаныыларыттан хайдах бэлэмнээхтэрин таайан көрүөххэ сөп. Ол эрээри бу чуолкай буолбат, кими даҕаны сэнии көрөр табыллыбат. Маҥнай Индия кыыһа инники күөҥҥэ тахсыбыта, онтон Малайзия сүүрүүгэ. Мин бэйэм бэлэмнэммит тиэмпэбинэн саҕалаабытым. Онон бастакы километрбар алтыс-төрдүс испитим. Аа-дьуо үһүс миэстэҕэ тахсыбытым. Инники иһээччилэрим бытааран барбыттарын билбитим уонна иннигэр таласпытым. Ол эрээри Малайзия спортсменката бэринэр санаата суоҕа. Сороҕор мин, сороҕор кини бастаан бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөн сүүрэн испиппит. Тас көрүҥэ хатарыллыбыт, чэпчэки, төһө түргэнник сүүрэр кыахтааҕын киһи сэрэйбэт. Инники атын дистанцияларга кыттыбатаҕа. Манныктары нууччалыы “темная лошадка” диэччилэр. Онон финиш кэлиэ 3 эргиир инниттэн түргэтииргэ, иннин ыларга быһаарыммытым да, кыыһым олох хаалсыбат. 800 миэтирэ хаалбытын кэннэ туох да иһин иннибин биэрбэт бигэ санааланным: 600 миэтирэ хаалбытыгар өссө түргэтээтим уонна сыыйа түргэтээтэр түргэтээн истим, 400 миэтирэ хаалбытыгар малазийкам дьэ хаалла, күүтүүлээх кыһыл көмүс мэтээлбин ыллым. Үһүс китаянка кэллэ. Сарсыныгар, атырдьах ыйын 17 күнүгэр, сарсыарда 9 чаастан 10 км сүүрээри бэлэм турабыт. Халлааммыт итиитэ +35 кыраадыс. Үксэ эмиэ 5 км сүүрбүттэр бааллар. Бары бэйэ-бэйэбитигэр мичээрдиибит, дорооболоһобут, арай бэҕэһээ иккистээбит малазийка күүстээхтик настройкаламмыт көрүҥнээх, кимиэхэ даҕаны кыһаммат. Сүүрүү саҕаланыаҕыттан ким да иннигэр тахсыан баҕарбата, миигин батыһа сылдьарга быһаарыммыттара сэрэйиллэр. 10 километр диэн уһун дистанция, инники бу дистанцияны стадиоҥҥа сүүрэ иликпин, онон мин даҕаны 2 км инники тахсыбакка сүүрэргэ быһаарынным. 3 км кэлбитигэр дьэ иннигэр тахсан бэйэм түргэмминэн бардым. Кэннибин биирдэ даҕаны эргиллэн көрбөтүм, онон бөлөх хаһан хаалан барбытын билбэтим. Мин кэннибиттэн уһуннук малазийка уонна индиянка хаалсыбакка сүүрбүттэрэ. Эмискэ түргэтии-түргэтии бытаарыы (рывки) ньыматын дьарыктарбар эрчийбит буоламмын, ону туһанным. Бу ньыма киһи күүһүн өһүлэр, онон анаан эрчиллибэтэх киһиэхэ ыарахан. Тактикам көмөтүнэн финишка ойуччу инники кэллим. Иккис малазийка, үһүс индиянка кэлбиттэрэ. Үс чаас буолаат, Россия хамаандатын састаабыгар эстафетаҕа сүүрдүм. Хомойуох иһин, биир спортсменкабыт сүүрэн иһэн өттүгүн травмалаан нэһиилэ кэллэ, маладьыаһыҥ тохтоон хаалбата. Онон кыһыылаах IV миэстэҕэ тигистибит. Аан дойдутааҕы полицейскайдар уонна пожарнайдар оонньууларыгар кыттыбытым үйэм тухары умнуллубат кэрэ өйдөбүл буолан, сүрэхпэр сылдьыаҕа. Маннык улахан ситиһиилэммиппэр өйөбүл буолбут олоҕум аргыһыгар, хотуммар, оҕолорбор, тренербэр, Россия ис дьыалатын министерствотын салалтатыгар, республикабыт ис дьыалатын министерствотын, спорт тэрилтэлэрин салайааччыларыгар Владимир Николаевич Прокопенкоҕа, Александр Николаевич Кутеповка, Константин Семенович Бурцевка, улууспут баһылыгар Никита Викторович Андреевка, Бэрдьигэстээх баһылыгар Марк Сидорович Парфеновка, бары биир дойдулаахтарбар, аймах-билэ дьоммор, доҕотторбор махталбын тиэрдэбин! Эһиги баар буолаҥҥыт мин маннык улахан ситиһиилээхпин!
Эдьиийим кэпсээнин истэ олорон, чахчы даҕаны үтүө санаалаах, дьоҥҥо махталлаах, дойдутугар бэриниилээх киһи буоларынан киэн тутта санаатым. Киниттэн холобур ыларга дьулуһабын. Чөл өй-санаа уонна эт-хаан дьүөрэлэһиитэ үтүө түмүктээх диэн санаабын бигэргэттим.
Лейла КОНДАКОВА,
С.И. Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын
10 кылааһын үөрэнээччитэ.
Салайааччы: Туйара Александровна Тарасова,
төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ учуутала.