Бу нэдиэлэҕэ Ньурба куоракка «Оҕо Дьулаах Бухатыыр» диэн олоҥхо-испэктээк буолаары турар. Бу улахан тэрээһиҥҥэ мин эдьиийим Анжелина Жданова кыттаары бэлэмнэнэ сылдьар.
Кини Хаҥалас орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, «Кэскил» эдэр кэрэспэдьиэнэ. Кыра эрдэҕиттэн фольклор араас көрүҥнэригэр дьарыктанан, билигин бу буолуохтаах олоҥхоҕо бухатыыр балтын биир, сүрүн оруолу оонньуур.
«Оҕо Дьулаах Бухатыыр» олоҥхо биһиги Хаҥаласпыт нэһилиэгин олоҥхоһута Спиридон Петров – Чыычаах айымньытынан туруоруллар. Онон бу бэлиэ тэрээһиҥҥэ нэһилиэкпит дьоно көрө-истэ киирээри сылдьаллар.
Эдьиийим Анжелина олоҕор биир улахан суолталаах тэрээһинигэр ситиһиини баҕарабын! «Оҕо Дьулаах Бухатыыр» олоҥхо көрөөччү, дьон-сэргэ биһирэбилин ыллын!
Эвелина Жданова, 7 кылаас “Ыллык” пост, Ньурба, Хаҥалас.