Алтынньы 15 күнүгэр Эдьигээн нэһилиэгэр элбэх хайысхалаах спортивнай сааланы уонна «Дюмия» этнокултуурунай сайдыы уонна норуот айымньытын киинин үөрүүлээх арыллыыта буолла.
Тэрээһиннэргэ Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев салайааччылаах делегация кыттыыны ылла. Ыалдьыттары эбэҥки норуотун үгэһинэн «Чичипкан» аннынан аһардан көрүстүлэр. Алгыс сиэрин-туомун Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун, Россия үтүөлээх артыыһа Дмитрий Артемьев ыытта.
Саҥа эбийиэги Россия Арктикатааҕы зонатын социальнай сайдыытын былаанынан туппуттар. Тутууну «БАРТ-Строй» хампаанньа ыыппыт.
Спортивнай саалабыт икки этээстээх, 1,5 тыһ.кв.м. кэриҥэ иэннээх. Спордунан дьарыктанарга, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо эмиэ усулуобуйа барыта баар.
Биһиги саалабыт сахалартан бастакы Олимпийскай чемпион, Эдьигээн улууһун Бэстээх нэһилиэгиттэн төрүттээх Роман Михайлович Дмитриев аатын сүгэр. Онтон 2024 сыл Эдьигээн оройуонугар Роман Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылынан биллэриллибитэ.
Спорт сааланы арыйар бэлиэ күҥҥэ Роман Дмитриев чугас доҕоро, 1976 сыллааҕы Монреаллааҕы Олимпиада көҥүл тустууга чемпиона, СӨ норуодунай депутата Павел Пинигин кыттыыны ылла.
***
Култуура саҥа киинэ 232 миэстэлээх саалалаах, буфет, үҥкүү саалалаах, фойелаах, конференц-саалалаах. Манна өссө звукозапись устуудьуйата баар, айар коллективтар мустар хостоох, сиэри-туому ыытар саалалаах. Маны тэҥэ култуура киинигэр «Экстра Синема» киинэ саалата баар. Онон мантан ыла саҥа киинэлэри көрөр буолуохпут.
— 2019 сыллаахха оройуоҥҥа оробуочай сырыы түмүгүнэн култуура киинин бырайыактааһыҥҥа уонна тутууга сорудах биэрбитим. Уопсайа 1,6 тыһыынчаттан тахса кв. м иэннээх саҥа дьиэҕэ маассабай тэрээһиннэри ыытыахтара, нэһилиэнньэ култуурунайдык сынньанарын уонна кинилэр талааннарын арыйарга бары усулуобуйа тэрилиннэ. Онтон спортивнай саала улуу спортсмен, сахалартан бастакы Олимпийскай чемпион Роман Михайлович Дмитриев аатын сүгэр. Роман Дмитриев Эдьигээн улууһугар күн сирин көрбүтэ. Бу спортивнай эбийиэк арыллыытын кини 75 үбүлүөйдээх сааһын туолуутугар норуот ытыктыыр үтүө аатын кэриэһигэр аныыбыт. Эдьигээн оройуонун үүнэр көлүөнэтэ, ыччата, дьоно-сэргэтэ бу курдук култуураны, спорду өрө тутан, сайдан-тупсан, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһа туруҥ, ситиһиилэр кэлэн истиннэр, — диэн эттэ Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев.
Онтон саҥа эбийиэктэр үлэҕэ киирэннэр Эдьигээн орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ эмиэ үөрүүбүт муҥура суох.
— Мин «Северное сияние» оҕо образцовай фольклорнай үҥкүү ансаамбылын солисткатабын. Бүгүн култуура киинин арыллыытыгар үрдүк сценаҕа үҥкүүлээн астынныбыт. Саҥа култуура киинэ олус кэрэ көстүүлээх, аныгы олох ирдэбилигэр толору эппиэттиир. Мантан ыла саҥа кииҥҥэ араас култуурунай тэрээһиннэр ыытыллыахтара, — диэн кэпсээтэ Эдьигээн орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Дайаана Соломонова.
— Мин бүгүн спортивнай саала арыллыытыгар Ил Дарханы Айсен Сергеевич Николаевы уонна оройуоммут салалтатын кытта тэҥҥэ аалай кыһыл лиэнтэни быһыыга кыттыыны ыллым. Бэйэм өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилэрдээхпин. Остуол тенниһэ, волейбол, көҥүл тустуу уонна самбо көрүҥнэринэн дьарыктанабын. Саҥа спортивнай эбийиэк үлэҕэ киирбитэ биһиэхэ олус үөрүүлээх, салгыы нэһилиэнньэ спордунан күүстээхтик дьарыктанан, ситиһиилэнэн төрөөбүт дойдубутун аатырдыахтара турдаҕа, — диэн санаатын үллэһиннэ Эдьигээн орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Максим Федотов.
Хоту сир дьонун олоҕор спордунан дьарыктаналларыгар, култуура өттүнэн сайдалларыгар үчүгэй усулуобуйаны кыһаллан тэрийбит Саха өрөспүүбүлүкэтин салалтатыгар, оройуоммут дьаһалтатыгар махталбытын тиэрдэбит.
Ильяна ОХЛОПКОВА, VI кылаас, Эдьигээн орто оскуолатын медиа киинин юнкора