Быйыл биһиги аан бастакыбытын «WORLDSKILLS RUSSIA JUNIOR» улуустааҕы күрэххэ кытынныбыт. Күрэх «Поварское дело» диэн компетенциятыгар кыттан, олус астынныбыт.
Мин кыра эрдэхпиттэн ийэбиниин тэҥҥэ астыыр буоламмын, ыарырҕаппатым дии саныыбын.
Бу күрэххэ биһигиттэн бородуукталары сөпкө кээмэйдиир, сөпкө, ыраастык туттар-хаптар ирдэнэр этэ.
Бастакы күммүтүгэр оҕуруот аһыттан «Винегрет» диэн салаат астаан көрдөрбүппүт. Аан маҥнай повар киһиттэн хайаан да ирдэнэр фартугун, бэрчээккэтин уона колпагын кэппиппит. Үлэлиир остуолбутун ыраастаан бэлэмнээбиппит.
«Винегрет» салаакка моркуоп, сүбүөкүлэ, хортуоска, горох, хаппыыста наада. Кыра гына кырбаан баран, мас арыылаан буккуйбуппут уонна укуруобунан киэргэппиппит. Аһылыгы барытын быраабыла быһыытынан грамын көрөн ыйаабыппыт.
Иккис күммүтүгэр “Балыктан запеканка” астаан көрдөрбүппүт. Бу арыый уустук сорудах буолан биэрбитэ. Запеканка оҥорорго буһарар формабытын арыынан сыбаан баран, хортуосканы эмиэ ыйаан баран, синньигэс гына кырбаан түгэҕэр тэлгиибит. Онтон балыкпытын ыйааһынын кээмэйдээн баран, эмиэ синньигэс гына кырбыыбыт уонна хортуоска үрдүгэр тэлгиибит. Тууһун-туматын төһөнү сөп диэбиккинэн кутаҕын. Духовкаҕа буспутун кэннэ, сыр теркалаан кутабыт. Аспыт буһа турар кэмигэр соуспутун оҥоробут. Сымыыты үчүгэйдик ытыйабыт, онтон чеснок, аджика, майонез кутан эмиэ буккуйабыт. Соуспутун бэлэм буолбут запеканкабытыгар аргыый кутабыт. Бүттэ!
Бу күрэхтэһиигэ кыттан мин элбэххэ үөрэнним. Хамаанданан сатаан үлэлииргэ, ыйааһынынан сатаан туттарга уонна минньигэстик астыырга үөрэнним. Эһиил эмиэ хайаан да кыттыам дии саныыбын!
Күндүүнэ Алексеева, 5 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» эдкорпост. Кэбээйи орто оскуолата.