Ороһу орто оскуолатын «Тымтык» эдэр кэрэспэдьиэннэрин поһун эдкордара саха тылын, литературатын, төрүт култуура учууталларын II-с сийиэһин көрсө үөрэнээччилэртэн боппуруос ыйыппыттарын түмэн ыытабыт.
- Саха оҕото төрөөбүт тылын билиэхтээх уонна үөрэтиэхтээх диэни кытта сөпсөһөҕүн дуо? — Саха оҕото төрөөбүт тылын билиэхтээҕин таһынан, көҥүллүк сахалыы санаатын этинэр буолуохтаах.
- Төрөөбүт тылы үөрэтэр биридимиэт чааһа толору дуо? — 5-6 кылаастарга саха тыла 3 чаас, литературата 2 чаас., 10-11 кылаастарга 3 чаас.
- Үөрэтэр учуобунньуктар билиини биэрэр таһымнарын туох дии саныыгын? — Ордук тыла оҕоҕо тиийимтиэтэ татым, сорох сорудахтара өйдөммөттөр.
- Тыа сиригэр уһуйаан, алын кылаас үөрэнээччилэрэ бэйэ-бэйэлэрин кытта нууччалыы кэпсэтэллэрэ үксээтэ, туохтан дии саныыгын? — Оннук баар. Дьиэ иһигэр төрөппүттэр оҕолоро нууччалыы саҥарарын утарбаттар. Уонна нууччалыы тыллаах остуоруйалары, мультиктары көрөллөрүттэн.
- Саха тыла сүтүө диэн дьиксинэҕин дуо? — Тоҕо сүтүөй, оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтэллэрин тухары саха тыла баар буолар буоллаҕа.
- Саха тылын, литературатын, төрүт култуура учууталларын сийиэһэ тоҕо буолар дии саныыгын? — Саха тылын, литературатын, төрүт култуура чаастарын элбэтээри уонна сайыннараары.
Бэлэмнээтилэр «Тымтык» эдкордара.