Чэбдик, доруобай буоларга улахан оруолу сөпкө аһааһын ылар. Биһиги аһыыр аспыт биэрэр күүһэ уонна биологическай састааба сааспытыгар, эппитигэр-хааммытыгар уонна күннээҕи хамсаныыбытыгар сөп түбэhиэхтээх.
Төһө элбэҕи аһыыбыт, соччонон элбэҕи хамсаныахтаахпыт. Инньэ гымматаххына, киһи уойарга барар. Hahaa уойуу сүрэх-тымыр, диабет курдук ыарыыларга тиэрдиэн сөп. Ас биологическай сыаннаһыгар битэмииннэр араас көрүҥнэрэ уонна минеральнай эттиктэр бааллар. Балар оҕуруот аһыгар, фрукталарга, үрүҥ аска дэлэйдэр. Оҕо доруобуйата чөл буоларыгар оскуолабытыгар үгүс ситимнээх үлэ тэриллэр, араас хабааннаах интириэһинэй тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Доруобуйабытын бөҕөргөтөргө оскуолабыт медигэ Дмитриева М.В., минньигэс астаах повардарбыт Лыткина М.И., Лыткина Л.М., Маркова Т.Е., Семенов М.В., Ушницкая С.И. ис сүрэхтэриттэн кыһаллаллар. Биһигини күҥҥэ иккитэ битэмииннээх, итии аһылыгынан хааччыйаллар. Оскуолабыт остолобуойун минньигэс аһын бары олус сөбүлүүбүт. Киһи тото-хана аһаатаҕына үөрэнэргэ, эбии дьарыктанарга күүс-сэниэ эбинэр. Нэдиэлэтээҕи менюбутугар эттээх миин, борщ, хаппыысталаах, хортуопуйдаах соркуой, кууруссалаах, кэтилиэттээх лапса, рис, гречка, оҕуруот аһа, фрукта, үрүҥ ас, бурдук ас, морс, кисель уо.д.а бүлүүдэлэр киирэллэр. Повардарбыт куруук эбии добавка биэрэллэр.
Сайын оскуолабыт иһинэн “Сатал» сынньалаҥ, доруобуйа лааҕыра үлэлиир. Мин онно хайаан да сылдабын. Манна үөрэнэбит, оонньуубут, экскурсияларга сылдьабыт, элбэх саҥаны билэбит. Минньигэс астаах повардарбыт биһигини олус үчүгэйдик аһаталлар. Маны таһынан “Эврика” каникуллааҕы оскуолаҕа биһиэхэ доруобуйаҕа туһалаах ас туһунан бэсиэдэлэри оҥороллор, иҥэмтэлээх аһы астаан маастар кылаастары ыыталлар.
Үгэскэ кубулуйбут «Көмүс күһүн бэлэхтэрэ» куонкуруска куруук актыыбынайдык кыттабыт. Бэйэ оҕуруотун аһа доруобуйаҕа олус туһалаах уонна иҥэмтэлээх. Онон сайын оҕуруот аһын дэлэччи олордон, тиһигин быспакка сиир наадалаах. Биһиги кылаас оҕолоро, төрөппүттэрэ араас элбэх бүлүүдэлэри астаан, тууһаммыт тэллэйтэн, лечоттан саҕалаан, барыанньаҕа, бурдук ас арааһыгар тиийэ аҕалан, айылҕа бэлэхтэринэн композиция оҥорон куруук миэстэлэһээччибит.
Оскуолабытыгар былырыыҥҥы үөрэх дьылыттан «Кыыс Куо» кыргыттарга аналлаах бырайыак үлэҕэ киирбитэ. Сыала-соруга кыыс оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн иистэнэргэ, ас астыырга сатабылы иҥэрии, кэрэ куону нарын, сэмэй, көнө майгылаах, чэбэр буоларга дьулуһарыгар уһуйуу. Бу бырайыак чэрчитинэн остолобуй үлэһиттэрин салайыыларынан саха норуотун национальнай бүлүүдэлэрин астыыбыт.
Сыллата Ворлдскилс күрэх ыытыллар. Манна «Кондитерское дело” диэн компетенцияҕа биһиги оскуолабыт оҕолоро ситиһиилээхтик кытталлар. Араас эриэккэс рецептэринэн бүлүүдэлэри астыыллар, остуол сервировкатын оҥороллор.
Ити курдук биһиги оскуолабытыгар оҕо доруобуйатыгар, иҥэмтэлээхтик аһыырыгар улахан болҕомто ууруллар. Түгэнинэн туһанан минньигэс астаах повардарбытыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
Элла Сергучева, медиа-студия корреспондена,
Манчаары норуот 7 оонньулларын чэпчэки атлетикаҕа призера,
Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын
11 «б» кылаас үөрэнээччитэ