Кулун тутар 24 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар «Тыл – литература – тыйаатыр» хайысханан эдэр көрөөччүнү искусство эйгэтигэр тардар, төрүт өйгө-санааҕа сирдиир ис хоhоонноох кэпсэтии түhүлгэтэ тэрилиннэ.
Тэрэээhин саҕаланыытыгар кэпсэтии тосхолун Саха тыйаатырын сүрүн режиссера Руслан Тараховскай ыйда. «Олох укулаатын, олоҕурбут сыаннастары уларытар сайдыы тэтимэ олус түргэтээтэ. Аҕа көлүөнэни солбуйан, олох инники күөнүгэр сылдьар дьоммут тыйаатыртан тэйиччи сылдьаллар. Оттон үүнэр көлүөнэ ортотугар сахалыы өйдөөх санаалаах, төрөөбүт тылынан саҥарар, айымньыны ааҕар ыччат аҕыйаан иhэргэ дылы»,– диэн санаатын үллэhиннэ Руслан Игоревич уонна: «Аны 50 сылынан Саха тыйаатыра көрөөччүлээх буолуо дуо?», – диэн чопчу ыйытыыны туруорда.
Киhи аймаҕы айымныга көҕүлүүр, ааҕыы умсулҕанын иҥэрэр В.Г. Белинскэй аатынан бибилэтиэкэ үлэhиттэрэ тыйаатыры кытта эйгэлэhэн, ситимнээх үлэни уруккуттан ыыталларын аҕыннылар. Артыыстары кытта кэпсэтиилэри, быhа эпиирдэри, айымньыны ырытартан ураты артыыстар куоластарынан аудио кинигэлэри таhаарар ордук көдьүүстээҕин бэлиэтээтилэр. Оттон «SMART» бибилэтиэкэ үлэhиттэрэ ааҕааччылары кытта тэттик туруоруулары тэрийэллэрин билиhиннэрдилэр. Саха тыйаатырыгар этии быhыытынан: бибилэтиэкэ дааннайдарынан дьон ордук ханнык кинигэни ааҕарыгар болҕойон, ол айымньыларынан режиссердар испэктээкил туруоралларыгар сүбэлээтилэр.
Салгыы кэпсэтиигэ кэлбит дьон: «Айымньыга тапталы, тыйаатырга сылдьыы үөрүйэҕин дьиэ кэргэн, ордук оскуола учуутала иҥэрэр», – диэн, ол тула санаа атастаhыы буолла. Ордук интэриэстээх уонна көхтөөх дьонунан саха тылын уонна литературатын учууталлара буолаллара саарбаҕа суох. Кинилэр Саха тыйаатырын салалтата тоҕоостоох тиэмэҕэ кэпсэтиигэ ыҥырбытын, үөрэх тэрилтэлэрин кытта ыкса уонна тиhиктээх үлэ былааннаммытын хайгыы ылыннылар. Учууталлар хас биирдиилэрэ тыйаатырга экскурсиялары, артыыстары кытта «атах тэпсэн олорон» сэhэргэhиилэри, испэктээкил кэннэ ис хоhоонноох ырытыылары тэрийэри туруорустулар. Тыйаатырдаах оскуолалар идэлээх артыыстар көмөлөрүгэр наадыйалларын, Саха тыйаатырын устуудьуйатын кэҥэтэр, оҕолорго аналлаах испэктээкиллэри таhаарар туhунан санаалар этилиннилэр.
Саха тыйаатырын сайдыыга уонна нэhилиэнньэни кытта үлэҕэ дириэктэрин солбуйааччы Геннадий Охлопков ыччаты иитии-такайыы, искусство храмыгар алтыhыннаран, кэнчээри ыччакка дириҥ өйү-санааны иҥэрии тыйаатыр эмиэ эппиэтинэhэ буоларын бэлиэтээтэ. Геннадий Иванович эдэр көрөөччү тыйаатырдыын эйгэлэhэригэр тутта-хапта сылдьардыын, дьүhүннүүн-бодолуур сааhыланыахтааҕар болҕойон, «Тыйаатырга сылдьыы култуурата» диэн оскуолаларга, оҕолорго аналлаах сүбэлэр бэлэмнэммиттэрин иhитиннэрдэ.
Төрөппүттэр оҕолорго аналлаах сахалыы тыллаах репертуар суоҕун бэлиэтээтилэр. Сылга биирдэ кыhыҥҥы өрөбүллэргэ биир-икки остуоруйа көстөрө бүтүн куорат нэhилиэнньэтигэр сабыдыалы оҥорботун тоhоҕолоон эттилэр. Онон сүрүн репертуары таhынан, оҕолорго тэттик айымньылары туруорар буоллаҕына эрэ тыйаатыр көрөөччүтүн «булунар» кыахтааҕын санаттылар. Бу санааны оҕо суруналыыстара өйөөн, ханнык айымньылар оҕоҕо ордук кэрэхсэбиллээх буолуохтарын ааттаталаан, режиссердарга туhаайан, оҕоҕо аналлаах айымньылар суох буолбатахтарын бигэргэттилэр.
Кэпсэтии сүрүн кыттааччыларыттан биирдэстэрэ, кэскиллээх артыыс, режиссер Роман Дорофеев аныгы кэм оҕото өйүгэр оҥорон көрөрүн, элбэх информацияны ситимнээн өйдүүрүн ыарырҕатарын, ол оннугар элбэх хамсаныылаах, тэтимнээх сюжеттаах туруорууну сэргиирин бэлиэтээтэ. Онон тыйаатыр эмиэ биир сиргэ турбакка, классическай туруоруулары таһынан нуучча, омук айымньыларын, тыйаатыр атын формаларынан испэктээкиллэри көрдөрөр суолу тутуспутун санатта. Маныаха саха тылын эйгэтин кэҥэтиигэ үлэлэhэр дьон «ханнык испэктээкили сэҥээрэллэрин?», «тугун иhин биhирииллэрин?», «ханнык оонньууга кэлиэхтэрэ этэй?» диэн ыйытыыларынан сирдэтэн, научнай хабааннаах чинчийии ыытан, үлэҕэ тирэх оҥостор наадатын ыйдылар.
Түмүккэ тыйаатыр үлэhиттэрэ «Тыл – литература – тыйаатыр» хайысханан быйылгы сылга пресс-кэмпириэнсийэни, аhаҕас лиэксийэлэри, испэктээкили ырытыыны оҥорон саҕалаабыттарын, аны аҕыйах күнүнэн устудьуоннары кытта көрсүhүүлэр, улууска гастроллар былааннаммыттарын билиhиннэрдилэр. Муус устар ый саҥатыгар саха тылын уонна литературатын учууталларыгар М.К.Аммосов аатынан ХИФУ профессора, педагогикаҕа наука доктора Евдокия Поликарпова «Саха литературатын уруогар тыйаатыр ускуустубатын ньымаларын туhаныы» диэн ааттаах дьарыга (сэминээрэ) былааннаммытын иhитиннэрдилэр. Салгыы бу хайысханы дириҥэтэн, тыйаатыр салалтата тыйаатыр алыптаах эйгэтин билиhиннэрэр сыаллаах литература уруоктарын ыытыыга куонкурус биллэрэр баҕалааҕын, бастыҥнар уруоктарын устан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕатар, итиэннэ бастыҥ учууталы бэлиэтиир былааннааҕын биллэрдэ.
Киирбит этиилэр, этиллибит санаалар тыйаатыр үлэтигэр-хамнаhыгар учуоттаныахтара, ордук оруннаахтара «Саха тыйаатыра – оҕолорго» бырайыак ис хоhооно буолан, ыччаты сырдыкка, үтүөҕэ, кэрэҕэ уhуйарга биир бэртээхэй ньыма быhыытынан ситэн-хотон тахсыахтара.
П.А.Ойуунускай аатынан
Саха академическай тыйаатырын
пресс-сулууспата.