Балаҕан ыйын 15-16 күннэригэр дойдубут тэбэр сүрэҕэр – Москваҕа биһиги биир дойдулаахтарбыт X-с Бүтүн Арассыыйатааҕы “Эдэр техниктар уонна изобретателлэр” кэмпириэнсийэлэригэр ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Бу тэрээһиҥҥэ дойду бастыҥ 480 техник оҕолоро мустан бэйэлэрин бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Кэмпириэнсийэ Государственнай Думаҕа ыытылыбыта улахан суолталааҕын бэлиэтиир. Биһиги Ньурбабыт оройуонуттан икки оҕо кыттыыны ылла.
Ол курдук Маар орто оскуолатыттан 11 кылааһын үөрэнээччитэ Любовь Иванова, «Центр творчества и инновационных технологий» куруһуогун иитиллээччитэ (салайааччыта Егор Петрович Мухин) уонна Ньурба ЦЦОД «IT-cube» куруһуогун үөрэнээччитэ, Ньурба 2 №-дээх оскуолатын 8 кылааһын оҕото Михаил Слепцов (салайааччыта Миронов Егор Герасимович) регион лауреаттарынан буоллулар. Ону таһынан Люба кэмпириэнсийэ призёра буолары ситистэ.
Кэмпириэнсийэ чэрчитинэн ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы «Наставник года-2023» үрдүк куонкуруска биир улахан ситиһииннэн Ньурба оройуонун «Центра творчества и инновационных технологий» педагога, Маар орто оскуолатын «Юный рационализатор» куруһуогун салайааччыта Егор Петрович Мухин призёр аатын сүкпүтэ буолла. Кини өр сылларга оҕолору кытары бырайыактааһын үлэтинэн дьарыктанар. Элбэх үөрэнээччини рационализатордаан, айан-тутан араас мындыр тэриллэри оҥорорго үөрэтэр.
Иванова Любаны, Слепцов Мишаны уонна Егор Петрович Мухины үрдүк ситиһиигитинэн, өрөспүүбүлүкэбитин чиэстээхтик көмүскээбиккитинэн эҕэрдэлиибит! Өссө да элбэх айымньылаах, таһаарыылаах үлэни баҕарабыт.
Анжелина ЖДАНОВА, «Ыллык» пост, Ньурба Хаҥалас.