Кэм-кэрдии хаамыытынан олох сайдан иһэр, тыа сирин үлэтэ эмиэ тыын суолтатын сүтэрбэт. Тоҕо диэтэххэ, дьиэ-кэргэн ас-үөл өттүнэн хааччыллыылаах, иҥэмтэлээх, доруобуйаҕа туһалаах аһылыгы аһыыра тыа хаһаайыстыбата сайдыытыттан тутулуктаах.
Тыйыс айылҕалаах Үөһээ-Бүлүүбүт Саха сиригэр биир саамай бигэтик иннин диэки барар, сайдыыга киэҥник хардыылыыр улууһунан биллэр. Күн бүгүн тыа хаһаайыстыбатын күннээҕи үлэтигэр-хамнаһыгар, бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга саҥа технологиялары тутуһуу ситиһиилэрэ элбэх.
Тыа хаһаайыстыбатыгар былааннаахтык үлэни тэрийэр, бэйэни салайыныыны күүһүрдэр уонна командаҕа үлэни көҕүлүүр сыалтан олунньу 16 күнүгэр биһиги оскуолабытыгар Марк Трофимович Егоров төрөөбүт күнүн чэрчитинэн «Эдэр фермер-2022» диэн күрэх буолан ааста. Күрэхпитин оҕолор оскуола тиэргэнигэр тэриллибит «Агрокластер» диэн проектарыгар үлэлээбит үлэлэрин көрдөрөр, ханнык суортары олордубуттарын, төһө барыыс ылбыттарын, туохха сыыһалаахтарын, ситиһиилэрин, ханнык чинчийэр үлэлэри ыыппыттарын уонна инникигэ туох былааннаахтарын билиһиннэрэр, сүбэлэһэр тутуллаах тэрилиннэ. «Агрокластер» бырайыак уратыта диэн кылаас биир талбыт оҕуруотун аһын оскуоланы бүтэриэр диэри илдьэ сылдьар уонна ол бородууксуйатын чинчийэргэ, сайыннарарга араас чинчийэр, кэтээн көрөр үлэлэри ыытыахтаах. Инникитин баҕар научнай арыйыылар буолуохтарын сөп этэ диэн оскуола кылаастары сирин, буорун оҥорон биэрэр, чинчийэр прибордарынан хааччыйар. Бу хамсааһыҥҥа оскуола эрэ буолбакка, төрөппүттэр көмөлөрө, сүбэлэрэ элбэх, ол быыһыгар бэйэ-бэйэҕэ оҕуруотчут кистэлэҥнэрин үллэстии эмиэ буолар.
Күрэхпит икки сүһүөххэ арахсан ыытылынна: бастакы сүһүөххэ алын 1-4 кылаастар; иккис сүһүөххэ 5-10 кылаастар. Дьүүллүүр сүбэҕэ улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Сергей Иванович Иванов уонна кини солбуйааччыта Петр Васильевич Деллохов кэлэн кыттыыны ыллылар уонна бэйэлэрин сүбэлэрин-амаларын эдэр тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр оҕолорго биэрдилэр.
Күрэхпит түмүгэ маннык буолла:
Алын кылаас оҕолоругар:
1 миэстэ — 3-б кылаас «Өрүөллэр» хамаанда, кылаас салайааччыта С.Т. Слюгрова.
2 миэстэ — 1-а кылаас «Кроликтар» хамаанда, кылаас салайааччыта Р.С. Обулахова.
3 миэстэ — 3-а кылаас «Мичээр» хамаанда, кылаас салайааччыта У.Н. Алексеева.
Үрдүкү кылаас оҕолоругар:
1 миэстэ — 6-а кылаас «Сүбүөкүлэ» хамаанда, кылаас салайааччыта Г.П. Тотонова.
2 миэстэ — 7 кылаас «Тыыкыба» хамаанда, кылаас салайааччыта Л.А. Тихонова.
3 миэстэ — 5-а кылаас «Доҕордоһуу» хамаанда, кылаас салайааччыта М.К. Шонг.
Күрэх бары кыттааччылара грамоталарынан, анал бириистэринэн биһирэннилэр. Кылаастар бары толору бэлэмнээх буоланнар, күрэхпит олус сэргэхтик тэриллэн ааста. Оҕолор үлэлээбит үлэлэрин салгыы сайыннарарга араас толкуйдарын, кистэлэҥнэрин атастастылар. Кэлэр сайыммытыгар оскуола таһынааҕы агрокластер үлэтигэр оҕолорго өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!
Үлэни тэрийэр талааннаах оҕолору өйүүр, тыа хаһаайыстыбатын экономикатыгар билиилэрин хаҥатар, эдэр дьону дьиҥнээх тыа сирин үлэтигэр сыһыарар, бэйэ үүннэрбит толору битэмииннээх аһылыктарынан хааччыналларыгар иитэр-үөрэтэр сыалбыт-сорукпут инникитин да өссө ситиһиилээх буолуон баҕарабыт. Бу хамсааһын ааспыт сылга саҥа саҕаламмыта, үтүө түмүктэрдээх буолуо диэн эрэнэбит.
Үөһээ-Бүлүүтээҕи Марк Трофимович Егоров аатынан 2 №-дээх орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Ольга Николаевна СЛЕПЦОВА уонна химия учуутала Кристина Даниловна УЙГУРОВА.