Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгэр аар-саарга аатырбыт Борис Николаевич Андреев аатынан Айылҕа түмэлигэр кырачаан экскурсовод Никита Никитин дьоҥҥо-сэргэҕэ бэрт сэргэхтик көтөрдөр тустарынан кэпсиирин куйаар ситимигэр көрдүбүт. Никита II-с кылааска үөрэнэр. Кини аан бастаан ити мусуойга 7 сааһыгар үктэммитэ. Эбэтэ онно үлэлиир буолан, оскуолаттан эрдэ бүттэҕин аайы сылдьар буолбута. Никита: “Мин тута Борис Николаевич остуолугар көтөр куорсунун бэлиэтии көрбүтүм”, – диэн кэпсээнин саҕалыыр.
-Тоҕо куорсуҥҥа бастакынан хараҕыҥ хатанна?
-Кыра эрдэхпиттэн көтөр куорсунун мунньарбын сөбүлүүбүн. Ол иһин остуолга туох куорсуна турара буолла диэн олус интэриэһиргээбитим.
-Көтөр кыыл эйигин тугунан абылаата?
-Кинилэр олус кыраһыабайдар, дьикти, нарын куоластаахтар. Уонна бэйэм кинилэр курдук көтүөхпүн баҕарабын. Сири-дойдуну үөһэттэн көрөр олус үчүгэй буолуо.
-Өссө куоластарын үтүктэҕин дии. Ити бэйэҥ үөрэтэҕин дуо?
-Сайын дьиэм таһыгар оонньуу сылдьан, маска суор саҥара олорорун көрөн интириэһиргээн үтүктэн көрбүтүм. Ол кэнниттэн чаччыгыныар, сылгы чыычааҕа, элиэ уонна да атын чыычаахтар саҥаларын үтүктэ үөрэммитим. Сорохторун YouTube-ка да истэбин. Билигин уопсайа 11 көтөр саҥатын үтүктэбин.
-Ханнык чыычаах саҥата ордук табылларый?
-Мин санаабар, суор киэнэ быдан табыллар.
-Саамай ханнык көтөрү сөбүлүүгүн?
-Улары уонна павлины. Павлин туһунан үлэ суруйан, научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттыбытым. Ону таһынан элиэни кыратыттан иитэн көрүөхпүн баҕарабын.
-Аньыырҕаабаккын дуо?
-Интэриэниэтинэн көрдөххө, дьон оннооҕор мохсоҕолу иитэр дии.
-Мусуойга ыытар экскурсияҥ туһунан кэпсээ эрэ.
-Мин 2020 сыл сайыныттан экскурсия ыытан саҕалаабытым. Бэйэм баҕабынан, баар эрэ буолларбын, көрөөччүлэр кэллэхтэринэ, батыһа сылдьан кэпсээччибин. Ити видеоҕа устубут түгэннэригэр мусуой дириэктэрэ Анна Серафимовна Иванова ыҥырбыта.
-Олус уратытык кэпсээн дьон-сэргэ сэҥээриитин ыллыҥ. Маны таһынан өссө туох дьарыктааххын?
— Иллэҥ кэммэр Элгээйитээҕи оҕо ускуустубатын оскуолатын уруһуй куруһуогар сылдьабын. Кыра эрдэхпиттэн көтөрдөрү ойуулуурбун сөбүлүүбүн. 6 сааспар сайын Оҕо көмүскэлин күнүгэр уруһуйдарым быыстапкатын туруорбутум. Өссө ийэм Анна Семеновна калимбаҕа уонна укулелеҕа оонньуурга үөрэппитин кыралаан сатыыбын.
-Улааттаххына ким буолуоххун баҕараҕын?
-Бастаан худуоһунньук буолуом дии саныырым. Билигин санаам уларыйан, орнитолог буолуохпун баҕарабын. Ол туһугар эрдэттэн кыһаллабын.
-Дьэ, кырдьык, улахан баҕа санаалаах эбиккин. Ол хайаатар да туоллун!
Кэпсэттэ Вера Петрова.