От ыйын 21 күнүттэн СӨ Наукаларын Аччыгый академиятын баазатыгар аан дойдутааҕы чинчийэр оскуола үлэтин саҕалаабыта. Барыта 52 талааннаах оҕо өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан лааҕырга кэлэн айан-тутан, чинчийии үлэтин ыытан, сынньанан бардылар. Бүгүн, атырдьах ыйын 3 күнүгэр, лааҕыр номнуо үлэтин түмүктээтэ.
Аан дойдутааҕы чинчийэр оскуола быйыл кэтэхтэн уонна сирэй үөрэнии быһыытынан ыытылынна. Маҥнайгы түһүмэх бэс ыйын 15-25 күннэригэр дьиэттэн олорон кэтэхтэн ыытыллыбыта. Оттон иккис түһүмэххэ оҕолор СӨ Наукаларын Аччыгый академиятын баазатын иһинэн тэриллибит лааҕырга кэлэн чинчийэр үлэнэн дьаныһан туран дьарыктаннылар. Манна даҕатан эттэххэ, оҕолор үлэлэрин эдэр учуонайдар сирдээн, ыйан-кэрдэн биэрдилэр, кинилэргэ салайааччы быһыытынан сырыттылар.
Эдэр чинчийээччилэр хамаандаларга арахсан араас хайысханан ситиһиилээхтик үлэлээтилэр: «Персонализированнай уонна прогностическай медицина” (салайааччылар М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ОЗиЗ медицина үнүстүтүүтүн кафедратын доцена М.Н.Петрова, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ОЗиЗ медицина үнүстүтүүтүн устудьуона В.А.Ефимова), «Когнитивнай чинчийиилэр” ( сал. М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Хотугу норуоттар тылларын уонна култууратын үнүстүтүүтүттэн О.В.Попова), «Арктиканы баһылааһын» (салайааччылар М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ГРФ бүтэрэн тахсыбыт исписийэлиис Э.Д.Сивцев, «Sakha Xenos» чинчийэр хамаанда чилиэнэ И.А.Сокольников), «Космоһы чинчийии» (сал. М.К.Аммосов аатынан ХИФУ математика уонна информатика үнүстүтүүтүн устудьуона А.Н.Петров).
Хамаандалар бэҕэһээ бырайыактарын икки тылынан нууччалыы уонна омуктуу дьүүлүүр сүбэ иннигэр көмүскээтилэр. «Арктиканы баһылааһын» хайысхаҕа «Арктика иэнигэр нефть бородуукталара ууга тоҕуллуута экологическай кыһалҕа» диэн бырайыагы А.Н.Чусовской аатынан Ньурба техническэй лицейын 10 кыл. үөрэнээччитэ Марина Андреева, Дьокуускай куорат классическай гимназиятын 11 кыл. үөрэнээччитэ Екатерина Мярикянова, Өктөмнөөҕү научнай үөрэтэр киин 8 кыл. үөрэнээччитэ Виктория Исакова, Муусука үрдүкү оскуолатын 8 кыл. үөрэнээччитэ Евгения Иванова (Өктөм) састааптаах хамаанда билиһиннэрдэ. Кыргыттар нефть айылҕаҕа, чопчу муораҕа, өрүскэ тохтуутун улахан экологическай кутталлааҕын бэлиэтээтилэр. Кинилэр Арассыыйаҕа буолбут нефть тохтуулаах улахан техногеннэй саахаллары кэтээн уонна анаалыстаан көрбүттэр. Маны таһынан, лаборатория иһигэр магнит көмөтүнэн ууну ниэптэн ыраастыыр механическэй ньыманы оҥорон, чинчийэн көрбүттэр.
Өссө биир кыргыттар хамаандалара Майатааҕы лицей 9 кыл. үөрэнээччитэ Анастасия Неустроева, Хамаҕаттатааҕы саха-французскай лицей 10 кыл. үөрэнээччитэ Люба Винокурова, Өктөмнөөҕү научнай үөрэтэр киин 8 кыл. үөрэнээччитэ Милена Мохначевская, Майатааҕы лицей 9 кыл. үөрэнээччитэ Рая Тимофеева, республиканскай лицей-интернат 7 кыл.үөрэнээччитэ Айлана Адамова, С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия 11 кыл.үөрэнээччитэ Люда Степанова лингвокогнитивнай чинчийиини оҥорбуттар. Бу чинчийиилэрин кинилэр саха литературатыгар уонна уус-уран айымньытыгар олоҕуран «көҥүл» диэн тыл өйдөбүлүн араас көлүөнэ хайдах ылынарын ырытан көрбүттэр.
Бу күн эдэр чинчийээччилэр суруналыыстары кытары ZOOM нөҥүө көрсөн кэпсэттилэр, тустаах ыйытыыларга хоруйдаатылар. Оҕолор бары даҕаны бу сылдьыбыт бириэмэлэрин олус диэн туһалааҕын бэлиэтээтилэр, салайааччыларыгар, учууталларыгар, иитээччилэригэр махталларын биллэрдилэр уонна инникитин чинчийэр үлэлэрин салгыыр баҕа санаалаахтарын эттилэр.
Маны таһынан оҕолор лааҕырга араас хабааннаах тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ, олимпиадаларга кытыннылар, бары өттүнэн сайдан, күүс-уох эбиннилэр, сайыны туһалаахтык атаардылар.
Тэрийээччилэр этэллэринэн, бырайыакка кыттыбыт оҕолор «Большие вызовы» диэн Арассыыйатааҕы научнай-технологическэй күрэххэ кыттар кыаҕы ыллылар уонна аан дойдутааҕы билим тэрээһиннэригэр кыттыыны ылыахтара.
Оҕолорбутугар аартыктара арыллан ситиһии эрэ кынаттыы сырыттын диэн баҕа санаабытын тиэрдэ хаалабыт!
Анна СЛЕПЦОВА.