Мин эбэм Степанида Никаноровна — кэлэксийэниэр. Аан бастаан тимир харчы мунньан саҕалаабыта. Куораттан балтыта Роза ыытар этэ. Билигин эбэм кэлэксийэтигэр араас дойду харчыта, үбүлүөйдээх сылларга ананан аҕыйах ахсааннаах таһаарыллыбыт тимир харчы 100 тахса арааһа баар.
Онтон кэлин эбэм сиэннэринээн аны мунньар буолбута. Ол курдук испиискэ хаатын — Борялыын, сок хаппахтарын — Вильямныын, кэмпиэт сууларын — миигинниин.
Эбэм убайбынаан испиискэ мунньарын билэннэр, аймахтарбыт, табаарыстарбыт кэһии — испиискэ хаатын аҕалар буолбуттара. Күтүөт Вася Чурапчыттан охотничай испиискэ аҕалбыт этэ. Онно оннук испиискэ баар эбит диэн соһуйбуппут. Элбэх сиэрэлээх, өр умайар эбит этэ. Дьиэ көтүрэ сылдьан олох былыргы испиискэ булан Саввинар биэрбиттэрэ. Алгыстаан эмиэ испиискэни Кытайтан аҕалан бэлэхтээбитэ. Билигин да биирдэ эмит дьикти ойуулаах, сонун испиискэҕэ түбэстэҕинэ, убайым Боря ылан аҕалар. Уопсайа, 61 устуука бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат испиискэ мунньубуттар.
Биһиги эбэбитин үтүктэн эмиэ кэлэксийэниэр буоллубут. Мин кэлиэксийэм эмиэ кыралаан эбиллэр. Ордук саҥа дьылга эбиллээччи. Онон миэнэ минньигэс кэлиэксийэ диэн. Барыта 89 араас кэмпиэт суулара бааллар. Сыта наһаа үчүгэй буолар, саҥа дьылы санатар.Оттон Вильям 72 сок араас хаппаҕын мунньан турар. Сороҕор табаарыстара аҕалааччылар, сороҕор бэйэтэ булар.
Ити курдук эбэм бэйэтин сөбүлүүр дьарыгар биһигини сыһыарар.
Линда Иванова, VI кылаас,
«Проба пера» кэрэспэдьиэнэ, Чыамайыкы орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас