Мин эбэм – Анастасия Петровна Стручкова. Кини ырыа-тойук аргыстаах Колесовтар дьиэ кэргэннэриттэн төрүттээх. Эбэм идэтинэн оҕо иитээччитэ, оттон билигин Саха циркатыгар кылаабынай администраторынан үлэлии сылдьар.
Кыра эрдэхпиттэн эбэм миигин бэрээдэктээх буоларга, суруйарга, сөптөөхтүк туттарга-хаптарга такайар, сүбэлиир. Ону тэҥэ, хоһоон этэрбэр интонацияны сөпкө саҥарарга, ис хоһоону дьоҥҥо тиэрдэргэ үөрэтэр.
Эбэм үөрэтиитэ миэхэ элбэх ситиһиини аҕалла. Элбэх сахалыы тэрээһиннэргэ кыттаммын “Чыпчаал кыайыылаах”, “Бастыҥ куолуһут”, “Анал аат кыайыылааҕа” буолбутум. Саамай үрдүк ситиһиибинэн оҕолорго аналлаах “Чохоон” ютуб-ханаалга ыытааччы быһыытынан киирбитим буолар. “Билэҕит дуо” диэн биэриини ыытабын.
Ити курдук, эбэм киһи буолан үүнэргэ-сайдарга, чугас дьоҥҥор күүс-көмө буоларга, олоҕу таптыырга, үөрэхтээх киһи буолан тахсарга үөрэтиитэ инники олохпор саамай наадалаах буолар.
Прокопий Спиридонов,
V “В” кылаас
Дьокуускай к. 17 №-дээх оскуолата.