Ыал кыстыкка киириитэ элбэх бэлэмнэниини эрэйэр. Ол курдук сайыҥҥы оҕуруот аһын хаһааныы. Ол туһунан эбэбин Акулин аИвановна Шепелеваны кытта кэпсэттим.
– Ыал кыстыкка бэлэмэ хайдаҕый?
– Быйыл сайын ардах кэмигэр түспэккэ, от-мас үүнүүтэ мөлтөһүөр соҕус. Онон кыстык сүөһү-сылгы сыл тахсарыгар күчүмэҕэйдээх буолара буолуо дуу диэн долгуйуу баар.
– Онтон оҕуруот үүнүүтэ хайдаҕый?
– Биһиэхэ сайыҥҥы водопровод баара олус абыраллаах. Онон оҕуруот аһа, хортуоска хото үүннэ. Бэйэбит сөп буоларбытын ыллыбыт, сайын устата оҕуруот аһын тоҕо-хана сии сатаатыбыт, кыстыккы да хаһаанныбыт.
– Төһө соҕотуопка оҥордуҥ?
– Хаппыыста, оҕурсуу тууһаатыбыт, лечо араас көрүҥүн оҥордум, кыһыҥҥы битэмииннээх салаат, помидортан аджика, укроп, луук, петрушка, борщ – барыта бэйэбит оҕуруоппутуттан кыһыҥҥыга хаһаанныбыт.
– Идэһэ хайдаҕый?
– Ынах, сылгы, сибиинньэ, убаһа, хаас-кус идэһэлэнэн олоробут. Сиэн уолаттар бэрэмээтинэн өрүс балыгын хаптаран, муҥхаҕа сылдьан икки куул соболоох кэлэн, кыһыҥҥы хаһааска баһаам эбилик буолла. Уонна тоҥ үүппүт, арыыбыт кыһыҥҥы биир сүрүн хаһааспыт буолар.
– Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ тугу дьарыктанаҕын?
– Олбох тигэрбин сөбүлүүбүн, хаһыат ааҕабын, кроссворд таайабын, бары мустан олорон остуол оонньуутун оонньуубут. Сиэттэрбэр сахалыы тыл суолтатын, былыргы номохтору, үһүйээннэри кэпсиирбин сөбүлээн истэллэр.
– Саха ыала тоҥмокко-хаппакка кыстыыр туһугар дьиэ кэргэн хаһаайката тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Тымныыга хайаан да халыҥнык таҥна сылдьыҥ, элбэх битэмииннэх бэйэ аһын хаһааныҥ, тото-хана аһыы сылдьыҥ.
Бу курдук эбэбин кытта кэпсэтиибин эһиэхэ суруйан ыыттым. Эбэбинэн киэҥ туттабын, астынабын. Оҕуруот аһын үүннэрии, соҕотуопка оҥоруу элбэх үлэттэн тахсар. Бу хаһааммыт аһыттан биһиги эмиэ кыһын устата тото- хана аһыыбыт.
Арсен ШЕПЕЛЕВ, VI кылаас, Чакыр орто оскуолата, Амма