Бүгүн биһиги кылааспытынан Улахан Аан библиотекатыгар «Көмүлүөк» эбэлэр түмсүүлэрин кытта көрүстүбүт. Кинилэр биһиэхэ элбэҕи кэпсээтилэр, араас оҥоһуктарын көрдөрдүлэр, ити оҥоһуктарын айан таһаарар ньымаларын кэпсээтилэр. Саха төрүт култууратын туһунан элбэҕи иһиттибит. Мин санаабар, итини билбиппит кэлин биһиэхэ олус туһалаах буолуо.
Эбэлэр бары сахалыы таҥастаах кэлбит этилэр, олус да кэрэлэр! Библиотекарь Альбина Валерьевна бэрт интэриэһинэй викторина ыытта. Онно биһиги хамаандалар икки ардынааҕы үөрүүлээх-көтүүлээх күрэххэ өрөгөйдөөх кыайыыны ситистибит.
Фойеҕа тахсан, араас бэһиэлэй оонньуулары оонньоотубут. Бары биир санааҕа ылларан үчүгэйдик, бэһиэлэйдик бириэмэбитин атаардыбыт. Биһиги эрдэттэн бэйэбит оҥорбут бэлэхпитин бэлэмнээн, ытыктабыллаах эбэлэргэ утары ууннубут. Ону бэлэхтээбиппитигэр олус даҕаны үөрдүлэр! Ол кэннэ өр кэмҥэ өйдөбүл гына хааларын туһугар бары хаартыскаҕа түстүбүт.
Айыллаана Степанова,
М.Е. Васильева аатынан 2 Малдьаҕар орто оскуолатын
4 кылааһын үөрэнээччитэ.