Муус устарга 1 күнүгэр Уһук Хоту сытар Эбээн-Бытантай национальнай улууһугар, улахан таһымнаах Хотугу норуоттар IV-с оонньуулара үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Бу оонньуулары көрө, кыттыыны ыла республикабыт араас муннуктарыттан олус элбэх ыалдьыт кырдьаҕас Түгэһиир сиригэр ыалдьыттаан аастылар.
Ол курдук, оонньууларга барыта — 116 кыттааччы 7 улуустан 11 хамаанда кытынна. Оонньуулар чэрчилэринэн араас күрэхтэр, форумнар, фестиваллар, быыстапкалар, көрсүһүүлэр тиһигин быспакка нэдиэлэ ортотуттан саҕалаан ыытылла турдулар.
Оонньууларга биһиги И.Н. Слепцов аатынан Кустуур агро хайысхалаах оскуолабыт кэлэктиибэ эмиэ туора турбата. Ол курдук, эрдэ бэлэмнэнэн, ыалдьытымсах Саккырыыр сирин дьоно аатыран, ыалдьыттары көрсөргө чуораа дьиэ булунан, иһин-таһын киэргэтэн, ас астаан, итии чэйдээх, баай остуоллаах Дьааҥы элбэх киһилээх делегациятын, ону таһынан киирбит ыалдьыттары аьатан- итиннэрэн атаардыбыт, дьон махталын ыллыбыт.
Оскуолабыт агро өттүнэн эрэ дьарыктанар буолбатах, ону таһынан биһиги сорох үөрэнээччилэрбит «Мэрлэнкэ» кочевой оскуолаҕа эмиэ саас аайы тахсан, эбээн норуотун былыргыттан илдьэ кэлбит, төрүт удьуор таба иитиитигэр үлэлэһэллэр, сайын аайы таба ыстаадатыгар тахсан аймахтарыгар, дьонноругар көмөлөһөллөр.
Бу Хотугу норуоттар оонньууларыгар кочевой оскуолабыт үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин саастыылаахтарыгар күрэххэ кыттан үчүгэй түмүгү көрдөрөн, барыбытын үөртулэр. Ол курдук, тыҥааһыннаах күрэххэ үөрэнээччилэрбит ыстаадаҕа сылдьан, үлэҕэ билиилэрин, сымсаларын, тулуурдаахтарын өссө төгүл бигэргэттилэр. Бу хамсааһын оҕолорбутугар эти-сиини дьарыктыырга, табаны салайарга үөрэхтэрэ, сөптөөх хайысха буоларын чуолаатылар. Ол курдук, Таня Слепцова хас да көрүҥҥэ муҥуутуур кыайыыны ситистэ. Таня кыыс оҕоҕо сыарҕалаах табаны салайан 5 км тоҥуу хаары бурҕачытан, ньуоҕуһут табаҕын сөпкө салайан ыытыы кыыс оҕоҕо тулууру, сылбырҕа, күүстээх илиилээх, хомурахтарҕа сыарҕаттан бырахтарбакка, эһиллэн хаалбакка олорууну, атаҕы эчэппэккэ сүүрдэн кэлии олус эппиэтинэстээх үлэ буоларын көрдөрдө. Кыттааччыларын барыларын ырааҕынан быраҕаттаан, 1 миэстэ ылан, чемпион үрдүк аатын сүктэ.
Маамыкта быраҕыытын ханнык баҕарар ыстаадаҕа сылдьар оҕо баһылыахтаах ньымата буолар, сүүрэ сылдьар табаҕын тыһыынчанан табаттан булан маамыкталаан туттаҕын. Маамыктаны сөпкө быраҕыы күрэҕэр биһиги оскуолабыт оҕолоро эмиэ бэйэлэрин кыахтарын, дьоҕурдарын көрдөрөн 4 сылга биирдэ буолар оонньууларга үчүгэй ситиһиилэннилэр. Эмиэ Таня Слепцова 3 миэстэни, 8-с кылаас үөрэнээччитэ Сеня Горохов 3 миэстэни ыллылар.
Ыҥыырдаах миинэр уучахха киһи эрэ сатаан олорбот, ону таһынан хаар устун сүүрдүбэт, 1 км ыҥыырдаах уучаҕынан сүүрдүүгэ эмиэ Таня Слепцова 1 миэстэни ылан чемпионнаата. Олус элбэх ситиһиини «АинЪ туркил» («түргэн наарта») оҕолору түмтэ, манна муҥуутуур кыайыылаах аатын эмиэ Таня Слепцова — 1 миэстэ, 11 кылаас үөрэнээччитэ Петя Старостин — 1 миэстэ, Стас Шадрин 2 миэстэ, Костя Горохов – 3 миэстэни ылан, үөрүүлэрэ үксээтэ, сыаналаах бэлэх туттулар, түөстэригэр мэтээл кэттилэр.
Ити курдук табаһыт дьоммутугар аналлаах IV Хотугу норуоттар оонньуулара олус бэрткэ ааста.
В.Н. Колесова, производственнай үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы.