Эбээн Бытантай улууһун И.Н.Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолата быйылгы үөрэх дьылыгар ситиһии ситиилэннэ, кыайыы көтөллөннө. Оскуоланы бүтэрбит оҕолорбут 100% бары араас үөрэхтэргэ киирдилэр. Ил Дархан харыйатыгар XI кылаас үөрэнээччитэ Петя Старостин сылдьан, сүргэтэ көтөҕүллэн кэллэ. Саҥа дьылга администрация олохтообут араас номинацияларыгар тиксэн, оҕолор үөрүүлэрэ үгүс.
Оҕолор дьоҕурдарын сайыннарар аналлаах «Точка роста» кабиниэт тэрилиннэ. Оскуолабытыгар араас тэрээһиннэр тиһигин быспакка бииртэн-биир тиһиллэн истилэр. Субуотунньуктар, дьаарбаҥкалар буоллулар. Оскуолабыт дьиэтигэр салҕааһын тутуллан, саҥа, сылаас, сырдык мастарыскыай арылынна.
Үөрэҕирии уонна наука министиэристибэтэ биллэрбит өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр оскуолабыт «Лучшее учебно-производственное хозяйство в оленеводстве» диэн номинацияҕа I миэстэҕэ тиксэн, кэллэктиип үлэтэ сыаналаммытынан бары үөрдүбүт. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүгэр нэһилиэк уонна «Якутский скот» ГКП управляющайа М.И. Аммосов Семен Гороховка (VIII кылаас), Петя Старостиҥҥа (XI кылаас) харчынан бириэмийэни уонна махтал суругу туттартаата. Улууспут баһылыга Г.Г. Горохов агро-хайысхабытын өйөөн, сир анаан биэрэн, сайыҥҥыга элбэх былаан турда. Ол бириэмэҕэ дьиэҕэ хаалбыт оҕолор, оскуолабыт үлэһиттэрэ табаһыттарга, сыл аайы ыытар акциябытынан «Дадим тепло нашим оленеводам» мас бэлэмнии, заготовкалыы баран кэллилэр. Бу курдук, табаһыттарга оскуола үлэһиттэрэ тахсан мас бэлэмниир буолбуппу номнуо 3 сыл буолла. Ааспыт сайын ыстаадаҕа 10 оҕо сайылаата.
«Инникигэ хардыы» кэмпириэнсийэ оскуолатааҕы түһүмэҕин 16 кыайыылаах оҕотуттан 9 оҕо улуус таһымыгар таҕыста, онтон 6 оҕо өрөспүүбүлүкэҕэ кыттар чиэскэ тигистилэр. Ол эрээри, сөмөлүөт билиэтин сыаната олус үрдүгүнэн сибээстээн, бу оҕолорбутуттан 2 эрэ оҕо очно кыттыыны ылла. Онон 4 оҕо онлайн кыттан, ситиһии үктэллэннибит — Старостин Проня (V кылаас), Күннэй Попова (IX кылаас) III степеннээх дипломунан наҕараадаланнылар.
Өссө биир суолталаах түгэнинэн Россиятааҕы ИТАР ТАСС фотокэрэспэдьиэнэ Сергей Александрович Карпухин Кустуур кырдьаҕас сиригэр саас кэлэн ыалдьыттаабыта буолар. Кини «Мэрлэҥкэ» көс оскуолатын үөрэтэр–иитэр үлэтин билсэн, оҕолор ыстаадатааҕы олохторун, үөрэнэр усулуобуйаларын хаартыскаҕа түһэрэн барбыта. Ыстаада кыстыга Чинэндьэ диэн нэһилиэктэн 11 көстөөх сиргэ ыраах сытар. Бу сиргэ табаһыттар кыстыыллар эбэтэр кыстык кэнниттэн саас ахсаан бириэмэтигэр кэлэллэр уонна сааһыыллар, таба төрүөҕэ бүтэн, саас көһөр маршруттарыгар барыахтарыгар диэри олороллор. Ыстааданы Альберт Александрович Колесов салайар. Уопуттаах табаһыт Владимир Мопрович Слепцов ыстааданы көрөр-харайар. Чуумсуктар — Анна Ивановна, Ирина Мопровна.
Карпухин маннык түгэннэри хаартыскаҕа хатаата:
— 9 кылаас үөрэнээччилэрэ Таня Слепцова, Элина Горохова дьиэ табалыы сылдьалларын, табаны түүҥҥү аһылыкка хараалтан таһааран эрэллэрин;
-Анна Егоровна Никитина физика, Валентина Николаевна Колесова национальнай культура кытта технология интегрированнай уруоктарын ыыталларын;
-Виктория Ивановна Захарова кыргыттарга унтуу билэтин тигэргэ үөрэтэрин;
-Кырдьаҕас табаһыт Алексей Христофорович Стручков уолаттарга сыарҕа оҥоһуутун кэпсиирин;
-Табаһыт уолаттар Айаал Васильевич Колесов уонна Ньургун Борисович Слепцов Семен Гороховы (VII кылаас), Петя Старостины (X кылаас) табаны көлүйэр, сыарҕаны салайар сатабылга уһуйалларын.
Биригэдьиир Альберт Владимирович аарыма улахан бөрөнү 3 күн сойуолаан өлөрбүтүн туһунан Москватааҕы ыалдьыт сөҕө-махтайа иһиттэ-көрдө. Оҕолор дьиэ ис-тас үлэтин соруйтарыыта суох толороллорун эмиэ хаартыскаҕа түһэрэн истэ. Биллиилээх фотограф өссө эһиил кэлиэх буолан, астынан барбыта.
Бу 2023 сылга былаан элбэх. Төһө да икки симиэнэнэн үлэлии олордорбут, саҥа оскуолабыт тутуллуута быһаарыллыа диэн инникигэ эрэллээх күүтэбит.
Иллэрээ сыл биһиги сырдык, сылаас кыһабыт, оскуола дьиэтэ, аҕыйах чаас иһигэр күл-көмөр буолбута абалаах да этэ. Ол да буоллар, аҕыйах кэм иһигэр эргэ дьиэни сөргүтэн, оскуола оҥорон, икки сиринэн тарҕанан, икки симиэнэнэн үлэлии-хамныы олоробут. Билигин үлэлиир усулуобуйабыт ыарахаттардааҕын, алын сүһүөхтэр төһө да үөрэнэр сирдэрэ кыараҕаһын иһин, күн аайы син олох үөһүттэн хаалсыбакка, тустаах үлэбитин бары үлэһиттэр кыһаллан толоро сылдьабыт.
Баһаар кэнниттэн элбэх оҕо, эдэр ыал киин сирдэргэ оҕолорун үөрэттэрэ көспүттэринэн үөрэнээччибит ахсаана көҕүрээтэ. Ол эрээри саҥа оскуола тутулуннаҕына, дьон дойдуларыгар төннөн, оҕолорбут эмиэ элбиэхтэрэ, олохсуйуу элбиэ диэн эрэнэбит. Олохтоохтор бары саҥа оскуола тутулларын эрэнэ күүтэбит. Өссө да Кустуур кэрэ сирэ үлэһит дьонунан, бастыҥ үөрэхтээх оҕолорунан аар саарга аатын ааттата туруо диэн эрэнэбит. Оскуолабыт дириэктэрэ М.А.Горохова, улуус баһылыга Г.Г. Горохов сыралаах, утумнаах үлэлэринэн саҥа оскуолабыт туох баар докумуона барыта түмүллэн, экспертизаны ааста. Салгыы өрөспүүбүлүкэ үп-харчы көрөн, тутуу үлэтэ түргэтиирин эрэнэ күүтэбит.
Валентина Николаевна Колесова, агропроизводственнай үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы.