Мин эбээм Марфа Васильевна Никитина 1930 сыллаахха алтынньы 10 күнүгэр төрөөбүтэ. Кини тыыл, үлэ ветерана, Чурапчы улууһун хоту көһөрүллүүтүн кыттыыллааҕа, сэрии сылын оҕото.
Эбээм Саха АССР Ыҥырыыллаах сэбиэтин депутата. 1960 сыллаахха бэс ыйын 8 күнүгэр Бурятскай АССР дьахталларын бастакы съеһигэр Саха сириттэн кыттыыны ылбыта.
Эһэм Ниюр Мирхатимович Рахматуллин Татарстантан төрүттээх. Омугунан татаар. 1936 сыллаахха бэс ыйын 5 күнүгэр Татарстаҥҥа Альметова дэриэбинэҕэ төрөөбүтэ. Кырыс сиртэн кэлэн, 1967 сыллаахха эбээбин кытта ыал буолан, Хадаарга олохсуйбута
Эбэлээх эһээм туруу үлэһит дьон. Биэс оҕолоохтор, 15 сиэннээхтэр, биир хос сиэннээхтэр. Кинилэр ыччаттара Хадаарынан, Чурапчынан, Амманан тэнийэн, ыал буолан олороллор.
Эбээм Марфа Васильевна билигин 93 саастаах. Биһиги ортобутугар үөрэ-көтө олорор.
Кини 1956 сыллаахха, холкуоска ыанньыксыттыы сылдьан, 26 саастааҕар Москва куоракка ВДНХ-ҕа кыттыыны ылбыта.
Саха сириттэн элбэх буолан барбыппыт. Мин оччолорго ыччат-комсомольскай ферматыгар ыанньыксыттыырым. 15 ыанар ынахтааҕым. 700 тахса киилэ үүтү ыыр былааннаах этим. Ону 1260 киилэ үүтү ыан, былааммын аһары толорон, улуу Москва куоракка ВДНХ-ҕа барар буолбутум, – диэн кэпсиир билигин эбээм Марфа Васильевна.
Онтон 1971 сыллаахха эмиэ Саха сирин бастыҥ ыанньыксыттарын кытта ВДНХ-ҕа иккис төгүлүн бара сылдьыбыта.
Үлэһит киһи буоламмын, улуу Москва куораты икки төгүл көрбүтүм. ВДНХ-ҕа “Норуоттар доҕордоһуулара”, “Каменный цветок” фонтаннары көрбүппүн 93 сааспар диэри умнубакка саныыбын. Эһиги, аныгы дьон, билигин Москва куоракка барар суолгут аһаҕас. Турдугут да барыаххытын сөп. ВДНХ-ҕа сылдьан мин оччолорго сэргии, сөбүлүү көрбүт фонтаннарбын хайаан да көрөөрүҥ. “Эбээбит билэр фонтаннара” диэн санаан ааһар буолаарыҥ”, – диэн этэр эбээм Марфа Васильевна Никитина.
Вика РАХМАТУЛЛИНА, VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы