Эбэм Елизавета Петровна Павлова 1928 с. Мытаах нэһилиэгэр Петр Петрович, Евдокия Яковлевна дьиэ кэргэнигэр үһүс оҕонон төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр биэстэр: үс кыыс, икки уол. Сэрии ыар сылларыгар 14 сааһыттан Ленин аатынан холкуоска ыанньыксытынан үлэтин саҕалаабыта. Үгүс сыралаах үлэтэ сыаналанан, эбэм 1972 сыллаахха Саха сирин бастыҥ ыанньыксыттарын кытта Севастополь куоракка ВДНХ быыстапкатыгар бара сылдьыбыта.
Дьулуурдаах, күүстээх үлэ түмүгэр наар бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта. Нэһилиэккэ аан бастакынан хас биирдии ынаҕыттан 2000 кг үүтү ыан, 1975 с. «Үлэ кыһыл» Знамятын уордьанынан наҕараадаламмыта. Таһаарыылаах үгүс элбэх Почетнай грамоталар, эҕэрдэ суруктар кэрэһилииллэр. Хас да төгүллээх Коммунистическай үлэ ударнига, сельсовет, районнай Совет депутата. Өр сылларга Эбэ учаастагар «Сардаана» ыччат-комсомольскай ферматын старшайа, салайааччыта этэ.
1949 с. эһэбит Николаев Иван Федотовичтыын алаһа дьиэ тэриммиттэрэ. Барыта 13 оҕоломмута. «Медаль Материнства» I-II истиэпэннээх мэтээллэринэн, «Материнская слава» I-II истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.
1968 с. Герой ийэ аата иҥэриллибитэ. Оҕолоро Горнай улууһугар, араас идэлээх дьон буолан, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Эбэлээх эһэбит оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ үгүс сылларга ааттарын ааттата туруохтара. 11 оҕону атахтарыгар туруоран, олох киэҥ аартыгар атаарбыттара.
Эбэм 1972 сыллаахха Саха сирин бастыҥ ыанньыксыттарын кытта Севастополь куоракка ВДНХ-ҕа бара сылдьыбыта.
Эбэбинэн киэн туттабын.
Яромир НИКОЛАЕВ,
Дьиикимдэ орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, Горнай.