Оҕолоор, биһиги бүгүн уһук хоту олорор омуктар матыыптарынан суруллубут остуоруйалары билиһиннэрэбит. Салҕыытын «Кэскил» хаһыакка ааҕыҥ.
— Былыыр-былыр сыалыһар балыктартан эрэ кэрэ дьүһүннээх, кус тумсун курдук суптугур төбөлөөх эбит. Кини атын балыктары олус сэниир, бэйэтин олох да күөх халлаан устунан лыҥкыныы көтөр кылбаа маҥан куба курдук сананар буолбут. «Миигиттэн эрэ кэрэ балык чугас эргин суох! Эһигинньиктэр мин күлүкпэр да тэҥнэспэкит» — диэн чабылыйар, ааһан иһэр балыктары эккирэтэн тиийэн кутуруктарыттан, лапчааннарыттан ытырар, суптугур төбөтүнэн дьөлүтэ кэйиэлиир, үөҕэр-үтүрүйэр кэмэлдьилэммит. Ону атын балыктар отой сөбүлээбэттэр. Үтэһэтэ туолбут сыалыһары хайдах эрэ уодьугуннаатахха табыллыыһы диэн санааттан балыктар уулуу киирбит аар тайҕа мааны кыыла тайаҕы көмөлөһөрүгэр көрдөспүттэр. Тайах ууну чаллырҕаччы кэһэн киирэн сыалыһар хорҕойор сирин үрдүгэр турунан кэбиспит. Кини баараҕай күлүгэ күн сыралҕаныгар сыламныы сытар сыалыһары этиҥ былытын курдук сабардаабыт. Сыалыһар онтон кыыһыран дьэҥкир уулаах чүөмпэтиттэн чычаас сиргэ устан мөлбөйөн тахсан тайаҕы үөҕээччи буолбут. Тайах истэ сатаан баран кыйахаммыт уонна үмүрүк туйаҕынан сыалыһар төбөтүн хаптаччы үктээн кэбиспит: «Мантан аанньа эн күлүк эрэ сиргэ саһа сытар буол!» — диэн дьаһайбыт. Онтон ыла сыалыһар төбөтө онньойбут этэрбэс тумсун курдук мултугур көрүҥнэммит, аарыма кыылтан дьулайбыт саллаҕар төбөлөөх сыалыһар тайах эппит тылларын быһа гыммакка куруутун күлүк сиргэ хоргойор буолбут дииллэр.
Эмээхсин кэпсээнин быыһыгар сытыы быһаҕынан сыалыһар өрөҕөтүн элийэ сотто, саҥырыатын уонна быарын ороон таһааран эт кырбыыр маска уурда. Кини аттыгар олорор кыыс оҕо сыалыһар төбөтүн сыныйан үөрэтэ көрөр. Бу Өрүүскэ. Кини быйыл биэс сааһын туолбут. Икки оторой-моторой сыры сыллатааҕы бырааттардаах.
— Өрүүскээ, тукаам, кэлиий. Уолаттаргын оҕолоо, — ийэтэ ыҥырарын истэн кыысчаан таһынаа дьиэ диэки сүүрэн күөкэрийдэ.
— Сыччыыйым сыыһа, эбээҕэ сырыттыҥ дуо?
— Ийээ, эбээ Дуомуна наһаа үчүгэй остуоруйа кэпсээтэ.
— Өрүүскэ, оччоҕуна оҕолоргун илдьэ барыый. Эбээ Дуомуна остуоруйаларын кинилэр эмиэ истиэ этилэр.
Дуомуна эмээхсин дойдуттан саҥа көһөн кэлбит эдэр ыалга хара маҥнайгыттан күүс-көмө буолбута. Дуомуна — Лаамы сахата. Кини саха, дьүкээгир, эбээн, эбэҥки остуоруйаларын бэркэ билэр. Оҕолор Дуомунаҕа тиийбиттэрэ дьиэ сөҕүмэр үчүгэй сытынан дыргыйбыт. Эбээ Дуомуна оҕолору олус минньигэс амтаннаах, быарын сыатыгар бүтэйдии буспут сыалыһар өрөҕөтүнэн күндүлээтэ.
Минньигэстик аһыы олороннор уолаттар :
— Эбээ, сыалыһар туһунан остуоруйата өссө кэпсээ эрэ — диэн көрдөстүлэр.
— Чэ, маннык. Сыалыһар төһө да мөкү дьүһүннээх буолтун иһин, өйдөөх балык. Кини быһый куобаҕы хайдах албыннаабытын туһунан остуоруйалыым. Дьэ, истиҥ.
Арай биирдэ кытыл устун куобах ыстаҥалаан иһэн үөһэттэн өҥөйөн көрбүтэ сүүрүк утары сыалыһар аа-дьуо устан мөлбөйөн иһэр эбит.
— Ээй, сыалыһар, эйигин олус сыылба дииллэр дии! Бу аата эн устан иһэҕин дуу, утуйа сытаҕын дуу?
— Эс, эн сүүрэргинээҕэр быдан түргэнник устар инибин! — хардарбыт сыалыһар.
— Киһиргээн кирсиҥ быстаарай! Хата, куоталаһыахха, үрэх баһыгар ким бастаан тиийэр эбитий! Мин баҕас эйигин лаппа куотар инибин!
Куобах, төһө да кыччаҕарын иһин, өйүнэн аатырарын аатырдаҕа — кими баҕар, эһэ да буоллун, бөрө да буоллун, оннооҕор сиэгэни, хайа баҕарар албынныыр, угаайытыгар түбэһиннэрэр талааннаах. Куобах үрэх кус очоҕоһун курдук эрийэ-буруйа субулла сытарын билэр буолан, сыалыһар үрэх устун устан мөлбөһүйдэҕинэ, тумулу быһа түһэн болдьоспут сирдэригэр кини иннинэ эрэйэ суох тиийэбин диэн бигэтик эрэнэр.
— Күрэхпит саҕаланна да, мин хас биирдии тумулга тиийээт эйигин үөгүлүөм. Онно тутатына эн хоруйдаан иһиэхтээххин. Хоруйдаабатыҥ да мин кыайабын!
Дьэ, куоталаһыы саҕаланар. Куобах, били, эрдэттэн толкуйдаабытын курдук үрэх кытылын батыспакка, быһа түһэр. Ол гынан баран кини билбэт — бу үрэххэ сыалыһар балык уйгуур элбэҕин! Сыалыһар бэйэтин аймахтарыгар сурах ыытар, хас биирдии тумул анныгар кэтэһэн сытыҥ, саһыл кэлэн үөгүлээтэҕинэ “Маннабын” диэн хоруйдааҥ диэн.
Куобах тумулга кэлэн үөрэ-көтө үөгүлүүр:
— Сыалыһар, бааргын дуо?
-Маннабыын, маннабын!
Куобах буута быыппастарынан быһа түһэр, иккис тумулга аҕылаан-мэҥилээн кэлэр:
-Сыалыһар, ханнаҕыный?
-Баарбыын!
Бу да сырыыга сыалыһар эрчимнээхтик хоруйдаата. Куобах сэниэтэ эстиэр дылы сыалыһары эккирэтэ сатаата да, кыайбата. Итини этэллэр, сэнээбиккиттэн сиэнээйэҕин диэн, һэ-һэ!
Уруһуй: Интэриниэт ситимиттэн