Сайыммыт барахсан тиийэн кэлэн, оҕо-уруу саҥата, оонньуута хойдон, көй салгыҥҥа көччүйэн, көҥүлгэ көрүлүүр. Ол эрээри туһалааҕы билээри, саҥаны сатаары, кэрэни кэрэхсээри араас хайысхалаах лааҕырдарга сынньанар, сайдар ордук буоллаҕа.
Бэһис кылааһы ситиһиилээхтик түмүктээн баран, бэс ыйын 15 күнүттэн Хаҥалас нэһилиэгиттэн чугас сытар Уһунча диэн сиргэ 21 хонуктаах “Сарыал” диэн Лена Никитовна салайааччылаах робототехника хайысхалаах лааҕырга сынньанан, үөрэнэн, элбэх оҕону кытта билсэн, астынан кэллим.
Бастакы күммүтүттэн бүтүөр диэри биир ыал оҕотун курдук эйэлээхтик, үөрэн-көтөн сырыттыбыт. Сарсыарда доруобуйабытын чэбдигирдэн сэрээккэлиибит, сүүрэбит, суунан-тараанан хомунан баран сарсыардааҥыбытын аһаан күүс-уох ылан баран робототехникабытыгар үөрэнэбит. Робототехникаҕа элбэххэ үөрэнним, сатаабаппын сатыыр буоллум. Хамаанданан хайдыһан бырайыактарбытын көмүскээтибит, куоталастыбыт. Түөртүүрбүтүн аһаан баран үөрэниэхпитин да, оонньуохпутун да сөп. Күн аайы минньигэс астаах поварбытыгар иккилии оҕо аһы таһан, иһити хомуйан, иһити сууйан көмөлөһөллөр. Киэһээҥҥи аһылык кэннэ сүүрүүлээх-көтүүлээх да, олорон толкуйдуур да оонньуулары оонньуубут, онтон суунан-тараанан баран утуйабыт.
Лааҕырбытыгар “Веселые старты”, “День шуток”, ырыа күрэҕэ, “Сарыал Боотур” диэн куоталаһыы онтон да атын элбэх тэрээһиннэр буоллулар. Лааҕырбын наһаа сөбүлээтим, элбэх доҕордоннум, эһиил арылыннаҕына хайаан да өссө сылдьыаҕым.
Арылхан Семёнов,
“Ыллык” пост, VI кылаас.
Хаҥалас, Ньурба.