Кулун тутар саҥатыгар Өктөмҥө «Рисуем все» бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи уруһуй чемпионатыгар Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугуттан 3 оҕо кыттыыны ылан кэллибит. Күрэххэ 9 улуустан 26 оскуола, 100-тэн тахса оҕо кытынна.
Биһиги хамаандабытыттан кыра сүһүөххэ IV кылаас үөрэнээччитэ Диана Дьяконова, орто сүһүөхтэргэ мин, Яра Васильева, VIII кылаас үөрэнээччитэ, үрдүкү кылаастарга IX кылаас үөрэнээччитэ Милена Никонова күрэхтэстибит. Күрэх олус сонун көрүүлээхтик ыытылынна. Бэриллибит сорудаҕынан 20 мүнүүтэ иһигэр уруһуй үс көрүҥэр күрэхтэстибит: «рисунок», «живопись», «композиция». Бары наһаа талааннаах, уруһуйдьут оҕолор кэлбиттэр.
Биһиги хамаандабытыттан «живопись» күрэҕэр Милена Никонова 1 миэстэни, орто кылаастарга «рисунок» хайысхаҕа мин биһирэбил бирииһи ылан үөрүүбүт үрдээтэ. Орто сүһүөххэ саамай элбэх оҕо кыттынна. Онно отучча оҕоттон 4 бастыҥҥар ортолоругар киирдим. Бу үчүгэй көрдөрүү диэн учууталбыт Раиса Дмитриевна Антоева олус үөрдэ. Хамаанданан күрэххэ Д.А. Петров аатынан Ытык Күөл 2 нүөмэрдээх оскуолата 1 миэстэни ылан, улахан ситиһиилээх кэллибит. Уруһуй күрэҕин олус сэҥээрдибит. Талааннаах оҕолору кытта тэҥҥэ алтыһан, айар куттаах дьоннор тылларын истэн олус астынныбыт.
Дойдубутугар кэлэн иһэн учууталбыт Дьокуускайга художественнай музейга сырытыннарда. И.В. Попов, А.Н. Осипов курдук улахан худуоһунньуктар хартыыналарын, саха биллиилээх графиктара А. Мунхалов, Э. Сивцев, Т. Шапошникова үйэлэргэ сүппэт уруһуйдарын көрөн дуоһуйдубут, уруһуй умсулҕаннаах эйгэтигэр киирэн таҕыстыбыт.
Чемпионакка кыттыбыппыт олохпутугар өйдөнөн хаалар кэмнэр буоллулар. Өктөм лиссиэйин наһаа биһирии көрдүм. Тэрээһин аһыллыытыгар оскуола хора наһаа үчүгэйдик ыллаабыта киһини долгутар. Эһиил хайаан да кыттыам диэн бигэ эрэллээх кэллим.
Ярослава Васильева, VIII кылаас,
Харбалаах, Таатта