Хас биирдии дьиэ кэргэн, аймах кырдьаҕас сүбэлиир-амалыыр, күөн туттар киһилээх буолар. Оннук киһинэн биһиги аймахха эһэм Чомчоев Василий Игнатьевич буолар. Кини 70 сааһыттан тахсыбыта эрээри, билигин да сүрдээх булчут. Миигин батыһыннара сылдьан «ойуур оскуолатыгар» үөрэтэр.
Биирдэ эһэм ииппит чааркааннарын көрсө барбытым. Кырынааска уонна киискэ иитэлээбит. Иккис чааркааммытыгар кырынаас иҥнэн, хайыы-үйэ хам тоҥмут. Эһэм үөрдэ аҕай. Байанайыгар махтанан, ботугураан ылла. Кутуругун төбөтүгэр харалаах мап-маҥан кырынааспытын үрүсээкпитигэр угуннубут. Эһэм: «Бэйэҥ баран, киискэ ииппит чааркааннарбын көрө тур», — диэтэ уонна тыа уҥуор бара турда.
Киискэ анаммыт чааркааннарын мас көҥдөйдөрүгэр иитэр. Киис онно кутуйаҕы, мас көтөрүн, оннооҕор тииҥи көрдөөн киирэр-тахсар, сороҕор сынньанан ылар эбит. Бастакы көҥдөйбөр чутаһаабыппар, киис суола баар этэ. Мин үөрэ санаабытым. Онтум баара мэҥиэни сиэн баран, салгыы бара тураахтаабыт эбит.
Мин хаарга хаалбыт эһэм суолун омоонун батыһан, иккис көҥдөйгө кэллим. Киис суола эмиэ баар эбит. Бастакыбыттан мэлийэн, бу сырыыга соччо-бачча өрүкүнэйбэтим. Онтум, доҕоор, биир аарыма киис иҥнэн, тыыннаах олорор эбит! Мин соһуйдум, кыылым даҕаны тилигирии түстэ. Ортотуттан кытаанахтык ылларбыт буолан, төлө көппөтө. Хайыахпын билбэтим, онон эһэбин ыҥырарга сананным. Хата, үөрүөм иһин, эһэм бу иһэр эбит. Кииһи көрдөрдүм: «Хайдах гынабыт?» — диэн ыйыттым. Эһэм мас мутугун ылан, кииһи муннуга оҕуста. Эмиэ Байанайыгар ботугураан махтанна. Икки мааны күндү түүлээх бултаах дьиэбитигэр төннүбүппүт. Эһэм айылҕаҕа буортуну оҥорбот мас чааркаан туһатын туһунан миэхэ элбэҕи кэпсээбитэ.
Бу курдук мин эһэм Чомчоев Василий Игнатьевич булт албастарыгар, тыаҕа сылдьарга, айылҕаны харыстыырга, сиэргэ-туомҥа миигин эрэ буолбакка, бырааппын, аймахтарын оҕолорун эмиэ үөрэтэр-такайар.
Эһэм өссө сайын аайы от үлэтин кэмигэр кыраабыл оҥорон, удамыр сыанаҕа атыылыыр. Эрдэттэн маһын бэлэмнээн куурдар-хатарар. Биһиги бырааппын кытта онно эмиэ илин-кэлин түсүһэн көмөлөһөбүт. Дьон эһэм оҥорбут кыраабылын чэпчэки, туттарга табыгастаах диэн:хайгыыллар. Кини дьоҥҥо үтүөнү, туһалааҕы оҥороруттан үөрэр. Биһиги аймах эһэбитинэн киэн туттабыт, кини сүбэтин-аматын ылынабыт, күннээҕи олрхпутугар туһанарга кыһаллабыт.
Урсун Николаев, VII кылаас,
Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү,
«Эрчим» корпост.