Мин эҺэм Михайлов Николай Николаевич Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар Хаатыламаҕа 1935 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр Игнатьева Аграфена Гаврильевна уонна Михайлов Николай Иванович дьиэ кэргэнигэр бастакы оҕонон төрөөбүтэ.
Оҕо сааҺа сэрии кэмигэр түбэҺэн, сут-кураан, кытаанах үлэ диэни этинэн-хаанынан билэн улааппыта. Оскуолаҕа үөрэнэн сэттэ кылаас үөрэҕи, онтон МТС иҺинэн трактористар куурстарын үөрэнэн бүтэрбитэ. Бастаан Майаҕа МТС иҺинэн тырахтарыыстаабыта, нэҺилиэктэринэн ыҺыыга сылдьыбыт. Онтон дойдутугар Тиэлигигэ кэлэн, араас мааркалаах тыраахтардарга оттоон-мастаан, таҺаҕас тиэйиитигэр үлэлээбит.
Хаҥаластан сылдьар Шадрина Анисия Павловнаны көрсөн, ыал буолан аҕыс оҕону төрөппүттэрэ: 4 уол, 4 кыыс. Мин аҕам, Михайлов Андрей Николаевич бэҺис оҕолоро.
ЭҺэлээх эбэм сэрии кэнниттэн, дойду үрдүнэн чөлүгэр түҺэрии үлэтигэр итиини-тымныыны аахсыбакка, туох баар күүстэрин-билиилэрин барытын ууран туран үлэлээбиттэрэ. ЭҺэм кытаанах үлэҕэ сылдьан, оҺолго түбэҺэн аҥаар илиитэ суох хаалбыта. Онтон ыла тыраахтарыттан тохтоон, кыладапсыык, заправщик, кассир үлэлэригэр үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. ЭҺэм салайар, дьону түмэ тардар дьоҕурдааҕын, эйэҕэс, кэпсэтинньэн майгылааҕын билэннэр, оччотооҕу салалта 1975 сыллаахтан ыла Тиэлиги отделениетыгар биригэдьииринэн анаабыттара. Үлэни сөпкө баҺылаан, отделениены өрө таҺааран, 1982 сыллаахха «Наахара» совхозка биригэдьииринэн анаммыта. 1985 сыллаахха страховой агенынан үлэҕэ киирбитэ. Оччолорго үлэ-хамнас күүрээннэҕэ, тахсыылааҕа, куоталаҺа-куоталаҺа үлэҕэ өрө түҺүү, саҥаны айыы-тутуу, олох уйгутун уҺансыы этэ.
Байкалов совхоз эрдэҕинэ, бастакынан Тиэлиги отделениета пятилетка былаанын толороннор Сэбиэскэй Союзка бастаан турар, көҺөрүллэ сылдьар кыҺыл знамя ылбыттара. Биригээдэ 1974 сыллаахха 2742 центнер үүтү ыабыт буоллаҕына, 1980 сылга 6128 центнеры ыабыта. Бу мин эҺэм саамай үрдүк үрдэлэ этэ. ЭҺээм Николай Николаевич үлэҺиттэрин сатабыллаахтык салайбытыттан, маннык үрдүк ситиҺиини ылбыттара. Ол үтүө көрдөрүү түмүгэр, 1978 сыллаахха эҺэм дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка ВДНХаҕа күүлэйдии барар чиэскэ тиксибитэ.
ЭҺэм Тиэлиги отделениетыгар биригэдьиирдиир кэмнэригэр 1977 сыллаахха уонна 1979 сыллаахха отделение социалистическай үлэ куоталаҺыытыгар бастакы миэстэ ылбыта. Ону туоҺулуур наҕараадалара:
1977 с. — «Социалистическай куоталаҺыы кыайыылааҕа» мэтээл;
1975 с. — «Кыайыы 30 сыла» мэтээл;
1979 с. — «Социалистическай куоталаҺыы кыайыылааҕа» мэтээл;
1983 с. — Луаз массыына фондатынан наҕараада;
1986 с. — «Үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ» мэтээл;
1995 с. — «Кыайыы 50 сыла» мэтээл; «НэҺилиэк бочуоттаах олохтооҕо» аат иҥэриллибитэ;
1996 с. — «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941-1945 с.с. Килбиэннээх үлэтин иҺин» мэтээл;
1997 с. — «Маршал Жуков» мэтээл.
Мин эҺэбинэн киэн туттабын.
Кюннэй Михайлова, VII «В» кылаас, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата