Сэрииттэн эргиллибит эһэбэр Петр Егорович Пестеревка, олохторун толук уурбут эһэлэрбэр Архип Терентьевич Петровка, Николай Егорович Новиковка сүгүрүйэн, махтанан хоһооммун аныыбын.
Биһиги аймахтан
Оччолорго эдэркээн эһэлэрим
Барбыттара уоттаах сэриигэ
Эйэлээх олох туһугар
Өстөөхтүүн кыргыһа.
Эһэлэрим миэннэрэ барбыттара
Эр санаалаах буоланнар,
Иитиллибит иэримэ дьиэлэриттэн
Ийэ дойдуларын көмүскүү.
Сидьиҥ, сиэмэх фашистары утары
Сэриилэспит эһэлэрбиттэн
Сэрии толоонугар
Сураҕа суох сүппүтэ биир эһэм.
Сахабыт сиригэр
Сэрии ыар тыына
Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ
Харах уулаах ыар сураҕы аҕалбыта.
Кыайыы кыһыл былааҕын
Күөрэччи көтөҕөн
Берлиҥҥэ турбута
Биир хорсун сэрииһит мин эһэм.
Хаарыан олох алдьаммыта
Хара санаалаах өстөөхтөн.
Хабыр хапсыһыы ыар тыынынан
Хас биирдии саллаат билбитэ.
Кыайыы туһугар олохторун толук уурбут,
Кыайыыны уһансыбыт,
Хорсун хоодуот эһэлэрбитин
Хас биирдиибит умнубакка кэриэстиир.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма