Мин ийэбинэн эбэм ыарахан оҕо сааһын кэпсиэм. Эбэм аата – Мария Андреевна Сидорова. Кини 1924 сыллаахха Элгээйигэ төрөөбүт. Оҕо турбат ыалыгар төрөөбүт. Ийэтэ абааһыттан куоттаран диэн ааттаан, саҥа төрөөтүн кытта куобах бэргэһэҕэ суулаан, Саһыл Уйата диэн сиргэ элбэх оҕолоох Андрей Афанасьевич Сидоровтаах диэн ыалга аҕалан биэрбиттэр. Сэттэ сааһын туоллаҕына ылыам дии сылдьан, ийэтэ өлөн хаалбыт. Онон олох кыра сааһыгар төгүрүк тулаайах хаалбыт. 16 сааһын туолаат, “Пионер” холкуоска ыанньыксыттаабыт. Аччык аҥаардаах кыра кыысчааны холкуос бэрэссэдээтэлэ: “Хайа, тоҕойуом, хачаайыҥ бэрт дии, кыайыаҥ дуо?” – диэбитин эбэм: “Кыайыам дии саныыбын”, – диэн хардарбыт. Аас-туор аччык дьылга холкуос кытаанах үлэтин эбэм эрэйдээх нэһиилэ тулуйбут.
Сэрии ыар сылларыгар оҕуһунан күөлтэн уу баһаары, кыһыҥҥы тостор тымныыга чараас таҥаһынан сылдьан, улаханнык тымныйан ыалдьыбыт. Ол үрдүнэн эбэм холкуоска тулуурдаахтык, дьүккүөрдээхтик, түүнү-күнүһү аахсыбакка үлэлээн, 1947 сыллаахха Сталин төбөлөөх “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Эбэм Мария Андреевна кэргэнэ, эһэм Василий Гаврильевич Константинов тимир ууһа, нэһилиэк Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибит. Үчүгэй үлэтин иһин Москваҕа Норуот Хаһаайыстыбатын Ситиһиилэрин Бүтүн Союзтааҕы Быыстапкатыгар (ВДНХ СССР) кыттыбыт. Партия Саха сиринээҕи Обкомуттан Бочуотунай грамоталаах, коммунистическай үлэ удаарынньыга.
Кини 1943 сыллаахха Кыһыл Армияҕа ыҥырыллан, ССРС Маршала Родион Яковлевич Малиновскай хамандыырдаах Забайкальскай фроҥҥа 25-с стрелковай дивизияҕа сулууспалаабыт. 1945 сыллаахха Улахан уонна Кыра Хинган хайаларын уҥуордаан, Япония самурайдарын урусхалласпыт. Саллаат эһэм Василий Константинов Верховнай Главнокомандующай Иосиф Сталинтан Махтал суруктаах, “Хорсунун иһин”, “Японияны кыайыы иһин” мэтээллэрдээх.
Эһээлээх эбэм 6 оҕоломмуттар. Ол оҕолоро бары ыал, аналлаах үөрэҕи бүтэрэн үлэһит буолан, кинилэртэн биһиги төрөөн, элбэх буолан тэнийэн, эйэлээх олоххо олоробут.
Биһиги, аныгы кэм оҕолоро, хорсуннук сэриилэспит эһэлэрбитинэн, тыылга ыарахан үлэни толорон, Кыайыыны уһансыбыт эбэлэрбитинэн киэн туттуохтаахпыт. Кинилэр кытаанах олохторо хаһан да умнуллубатын, хаһан да хатыламматын!
Мотя Артемьева,
Элгээйи, Сунтаар.