«Эһээ Мандар үөрэҕэ» диэн саха норуотун, култууратын уонна үгэстэрин көрдөрөр анимационнай, хас да сиэрийэлээх ойуулук бырайыага 2023 сыллаахха Ил Дархан Гранын кыайыылааҕа буолбута. Бырайыак автордарынан «Айар үлэ уонна инновационнай технология киин» дириэктэрэ Альбина Семеновна Ермолаева, дириэктэри үөрэх уонна иитии чааһыгар солбуйааччы Марфа Ивановна Жендорусова, методист Марина Семеновна Егорова буолаллар.
Хайа баҕар бырайыак араас кыһалҕаттан тахсар, ол курдук «Эһээ Мандар үөрэҕэ» диэн бырайыак Саха Сиригэр сытыытык турар икки сүрүн кыһалҕыны таарыйар: бастакытынан, билиҥҥи кэм оҕолоро сахалыы төрүт тылларынан саҥаралларын ыарырҕаталлар, иккиһинэн, төрүт култуураларын, бэйэлэрин норуоттарын сиэрдэрин-туомнарын, өбүгэлэриттэн кэлбит үгэстэрин-номохторун билбэттэр. Ол иһин бырайыак сүрүн сыалынан оҕолорго тиийимтиэ уонна өйдөнүмтүө буоларын курдук анимационнай ойуулук нөҥүө бэйэбит норуоппут култууратын кытта билиһиннэрии уонна ийэ тылы иҥэрии.
Ойуулук ис хоһооно маннык: куораттан Сандал диэн ааттаах сиэн уол эһээлээх эбээтигэр дэриэбинэҕэ кыстыы кэлэр, эһээтэ сиэнин айылҕаҕа, сиргэ-уокка, бултка-окко тэҥҥэ илдьэ сылдьан сиэргэ-туомҥа үөрэтэр, үгэстэри кэпсиир.
Бырайыак балаҕан ыйын 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри былааннанан оҥоһуллубута. Биэс киһилээх айар бөлөх тэриллэн, бырайыак кыттыылаахтарыгар араас хайысхалаах семинардары, консультациялары ыыттылар. Бырайыакка киин иһинэн хаһыс да сылын үлэлиир анимация куруһуогун салайааччыта, Саха Өрөспуубүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Вера Николаевна Афанасьева уонна куруһуокка сылдьар оҕолор Милена Прокопьева, Вероника Андреева, Настя Семенова, Максим Сельтюков бэйэлэрэ уруһуйдаан, монтажтаан ойуулук онорон таһаардылар.
Сүрүн дьоруойдары эһээ Мандары эбии үөрэхтээһин киинигэр өр сылларга дириэктэринэн үлэлээбит, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Владимир Антонович Никифоров, сиэнин Сандалы Владимир Антонович бэйэтин сиэнэ Ньурба 3 нүөмэрдээх оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ Вова Никифоров буолан саҥардылар.
Барыта холбоон ойуулукпут биэс чаастан турар: “Кыстыкка бэлэмнэнии”, “Муҥха”, “Тохсунньу томороон тымныыта”, Күөххэ үктэнии”, Ыһыах”. Хас биирдии чааска Сандал эһээтин Мандартан элбэх саҥаны билэр: тыа киһитэ бүппэт түбүгүн, дьыл кэмнэринэн хайдах айылҕаҕа сылдьан билгэлиэххэ сөбүн, булт-алт сиэрдэрин-туомнарын, онтон да атыны.
Бу ойуулук оҕоҕо эрэ буолбакка уһуйаан иитээччилэригэр, учууталларга босуобуйа да быһыытынан көмө буолуон сөп.
«Эһээ Мандар үөрэҕэ» ойуулугу «Калейдоскоп Нюрба» каналыгар киирэн бу сигэнэн көрүөххэ сөп.
«Айар үлэ уонна инновационнай технология киинин» пресс-киинэ.