Мин эһэм Петр Иванович Слепцов ахсынньы ый 22 күнүгэр 1942 сыллаахха Дьааҥы улууһар баар Элгэс нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьоҥҥо-сэргэҕэ Дьоппуон Бүөтүр диэн аатынан биллэрэ. Эһэм аҕата Иван Христофорович Слепцов, ийэтэ Евдокия Петровна кыратыгар эрдэ өлбүттэр. Кини тулаайах улааппыт буолан, аһыныгас сүрэхтээҕэ, куруук дьоҥҥо туох баарынан көмөлөһөрө, эрдэ кыра сааһыттан үлэһит буолбута, дьоҥҥо оттуура-мастыыра, сүөһү, сылгы көрсөрө.
Эһэм 1959 с. «Верхоянскай» совхозка оробуочайынан, 1961сылтан тырахтарыыһынан үлэлии киирбитэ. 1964 сылтан армияҕа Тиксиигэ 3 сыл сулууспалаабыта. Онно сылдьан техникаҕа сыстаҕас буолан, улахан техникалары өрөмүөннэтэллэрэ. Армияҕа сулууспалаан бүтэн баран, элбэх идэни бэйэтэ баһылаабыта: суоппар, бульдозерист, мелиоратор-механизатор, сварщик. «Верхоянскай» совхозка эһэм куруук таһаарыылаах бастыҥ үлэһиттэр кэккэлэригэр сылдьара. Ханна да ыыттыннар, түүннэри-күнүстэри, кыһыннары-сайыннары тигинэччи үлэлиирэ.
1975 сыллаахха Арыылаах нэһилиэгэр, эбэбин Горохова Мария Дмитриевнаны кэргэн ылар. Тыа ыалын сиэринэн куурусса, сибиинньэ, ынах, сылгы иитээллэр. Эһэм аҕыйах кылаас үөрэхтээх да буоллар, сир боппуруоһугар, сүөһү иитиитигэр элбэх ыстатыйаны суруйара, кини ыстатыйалара оройуон, республика хаһыаттарыгар тахсара. Мелиоратор, бульдозерист буолан, ханна да сырыттар, сири-уоту, ходуһалары, үрүйэлэри үөрэтэрэ, карта оҥороро, чертежтуура, бэлиэтиирэ. Урут оройуоҥҥа анаммыт массыыналары БАМ-тан перегоннаан кэлэллэрэ, эһэм онно уһун кэмҥэ суоппарынан сылдьара.
Эһэм, Петр Иванович, Верхоянскай оройуонугар үлэлээбит сирэ элбэх: Остуолба, Боронук, Верхоянскай, Арыылаах, Сыһыы-Мэйиитэ, Сартан, Барылас, Дулҕалаах, Суордаах, Мачах. Кини суоллары, быһыттары, муосталары, үрүйэлэри оҥороро.
Эһэм сайын сайылыгар Кучутайга оттуура, балыктыыра. Айылҕалыын алтыһарын сөбүлүүрэ, «биһигини аһатааччы айылҕабыт, сирбит-уоппут» диэн куруук этэрэ. Кини сымнаҕас, эйэҕэс, элэккэй майгылааҕа, мындыр өйдөөҕө, тобуллаҕас толкуйдааҕа, элбэх кэпсээннээх буолара, наһаа оҕомсох этэ, массыынатыгар, бульдозерыгар куруук оҕолор олорсоллоро, кэрэни кэрэхсиирэ, ырыаны сөбүлүүр буолан, блокнокка суруйбут элбэх песенниктара баар. Кини ыкка, сүөһүгэ майгыта сымнаҕас буолара, ытын Баһырҕаһы куруук батыһыннара сылдьара.
Мин эһэбинэн киэн туттабын. Кини Дьоппуон Бүөтүр диэн аата хаһан да умнуллуо суоҕа.
Рома Дьячковскай, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
“Аартык” эдкорпост.
Арыылаах, Дьааҥы.