Бу күннэргэ туйгун уонна үчүгэй үөрэхтээх оҕолор сүлүөттэрэ буолла. Бу оҕолор ортолоругар олимпиада призердара, «Инникигэ хардыы» кэмпириэнсийэ кыайыылаахтара бааллар. Ол курдук, Витя Томскай Москва куоракка Россиятааҕы кэмпириэнсийэҕэ химия наукатын сиэксийэтигэр «Сакалаат хаачыстыбатын тэҥнээн көрүү» үлэтинэн II миэстэ буолбута. Аня Ефимова оройуон отличниктарын сүлүөтүгэр үөрэнээччилэр күрэхтэригэр III миэстэни ылан, үөрбүтэ-көппүтэ.
Оскуола общественнай үлэтигэр көхтөөх оҕолор эмиэ чиэстэннилэр. Кинилэр грамотаны кытта харчынан бириэмийэни туттулар.
Оскуола дириэктэрэ Анна Витальевна: «Быйыл биһиги үөрэнээччилэрбитигэр бу оскуоланы урут бүтэрбит урбаанньыттар Сергей Афанасьевич Сивцев, Евдокия Ивановна Александрова, Николай Михайлович Гоголев, Егор Егорович Стручков спонсордаатылар. Кинилэргэ оскуола кэллэктиибин уонна төрөппүттэр ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит. Кинилэр үтүө быһыылара атын да дьоҥҥо холобур буоллун», — диэн бэлиэтээтэ.
Үөрэнээччилэри төрөппүттэр, учууталлар эҕэрдэлээтилэр. Оҕолору үөрэххэ-үлэҕэ өссө дьулуурдаах буолалларыгар ыҥырдылар. Олохтоох дьаһалта баһылыга Руслан Русланович сэмэй бэлэхтэри туттартаата. Харда тылы үөрэнээччилэр тэрилтэлэрин салайааччыта Аня Ефимова эттэ.
Снежана Бурцева, IX кылаас, «Саһарҕа» пост.
Эҥэ, Дьааҥы.