Быйыл поэт, публицист уонна очеркист, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Сергей Степанович Васильев- Борогонскай төрөөбүтэ 115 сылын туолла.
Бу бэлиэ түгэни оскуолабытыгар бэлиэтээн аастыбыт. Учууталбыт Екатерина Петровна уонна библиотекарь Мария Афанасьевна суруйааччы олоҕун, айар үлэтин билиһиннэрдилэр.
Сергей Степанович 1907 с.Бороҕон улууһун (билигин Уус-Алдан) Суотту нэһилиэгэр «Бөрө бастаах» диэн сайылык алааска элбэх оҕолоох дьадаҥы ыалга төрөөбүт. Оскуолаҕа 13 саастааҕар үөрэнэ киирэр. Дьокуускай педтехникумун бүтэрэн баран, Уус-Алдан улууһун үөрэҕин салаатын сэбиэдиссэйинэн ананар. Сотору кэминэн, Платон Ойуунускай этиитинэн, Саха Сиринээҕи кинигэ кыһатыгар литература отделын эппиэттиир сэкиритээрэ буолар.
1934 с. Ньурба оройуонун ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн аныыллар. Бу кэмҥэ тыа сиригэр оччотооҕуга ханна да суох култуура уонна сынньалаҥ пааркатын ыччаты көҕүлээн туттарбыта.
Суруйааччы кыра эрдэҕинэ Суотту — элбэх олоҥхоһут уутуйан үөскээбит сирэ эбит. Поэт бэйэтэ этэринэн, «сүүрбэттэн тахса улахан олоҥхоһут тэҥҥэ үөскүү сылдьыбыт» эбит. Онон Сергей Степанович оҕо сааһыттан норуот уус-уран айымньытын иҥэриммит.
Техникумҥа үөрэнэ сылдьан, Сата Баһылайап, Борогонец диэн ааттарынан ырыаны-хоһоону хаһыаттарга таһаартарара. Бастакы улахан айымньыта «Арамаан артыала» поэма 1929—1930 сылларга «Кыһыл ыллык» сурунаалга уонна «Эдэр бассабыык» хаһыакка бэчээттэммитэ. Ол кэнниттэн «Сэттэ туруйа» диэн поэманы, элбэх хоһооннору суруйталаабыта өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, кэлин «Мэҥэлэр хайа үрдүгэр» (1935) диэн бастакы хомуурунньугар бэчээттэммиттэрэ.
Учууталларбыт Борогонскайга аналлаах викторинаны таайтардылар. Оҕолор суруйааччы айымньыларыттан быһа тардыылары аахтылар. Бу тэрээһинтэн элбэҕи биллибит.
Снежана Бурцева, IX кылаас, «Саһарҕа» пост.
Эҥэ, Дьааҥы.