Таатта улууһун Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатыгар, оҕо уйулҕата чөллөөх, доруобай буолуутугар анаммыт ый чэрчитинэн, алын сүһүөх кылаас оҕолоругар Джинсы күнэ диэн тэрээһин буолан ааста.
Бэйэҕэ эрэллээх буоларга, көҥүллүк сананарга, кыраттан да үөрэргэ уһуйар тэрээһиҥҥэ оҕолор сөбүлүүр таҥастарын кэтэн кэллилэр. Бэйэ-бэйэлэрин кытта доҕордоһоллоругар, ис кыахтарын арыйарга туһуламмыт оонньуулары, кэпсэтиилэри ыыттыбыт. Бу сонун тэрээһинтэн бары астынан тарҕастылар.
Гизелла Попова, педагог-библиотекарь,
Игидэй, Таатта.