Алтынньы 17 күнүгэр Арассыыйа, аан дойду үрдүнэн Саха сирин аатырдыбыт чаҕылхай сулус, саха-рэп хамсааһынын төрүттээччи, ырыаһыт Джида-Гоша Васильев Эдьигээн орто оскуолатыгар ыалдьыттаата.
Улахан кылаас үөрэнээччилэрэ саха-рэп маастарын кытта истиҥ көрсүһүүгэ сырыттылар. Джида оҕо сааһын, оскуолаҕа хайдах үөрэммитин, айар үлэтин хайдах саҕалаабытын, хоббитын туһунан кэпсээтэ. Оҕолор ыйытыыларын биэрдилэр.
– Мин Эдьигээҥҥэ аан бастакытын кэллим. Эйэҕэс майгылаах, бэйэлэрин култуураларын илдьэ сылдьар дьонноох-сэргэлээх, кэрэ айылҕалаах дойду эбит дии санаатым. Саҥа эбийиэктэр үлэҕэ киирбиттэрин бэлиэтии көрдүм. Хоту сиргэ сайдыы баар! Бүгүн Эдьигээн орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кытта көрүстүм, олус истиҥ көрсүһүү буолла. Эдьигээн ыччатыгар үүнүүнү-сайдыыны, бары кэрэни-үтүөнү баҕарабын, — диэн кэпсээтэ Джида.
– Бүгүн наһаа үчүгэй көрсүһүү буолла. Мин Джида ырыаларын сөбүлээн истэбин. Ордук оҕо сааһын, хайдах биллиилээх ырыаһыт буола үүммүтүн туһунан кэпсээбитин сэҥээрэн иһиттим, – диэн санаатын үллэһиннэ VIII кылаас үөрэнээччитэ Саша Петров.
– Биһиги оскуолабытыгар биллиилээх ырыаһыт кэлэн ыалдьыттаабытыттан үөрдүбүт. Джида ийэтигэр тапталын, махталын, иллэҥ кэмигэр кинигэ ааҕарын сэҥээрэ иһиттим. Киниэхэ өссө да үрдүк ситиһиилэри баҕарабын, – диэн этэр VIII кылаас үөрэнээччитэ Настя Мигалкина.
Джида былырыын Дьокуускай куоракка 20 сыллаах улахан сольнай кэнсиэрин тэрийбит. Ол айар киэһэтин программатынан саҥа үлэҕэ киирбит Эдьигээннээҕи «Дюмия» этно култуурунай сайдыы уонна норуот айымньытын киинигэр икки кэнсиэри туруорда. Балтараа чаас усталаах кэнсиэр истиҥ сылаас тыыннаах ааста.
Вика ГАВРИЛЬЕВА, VI кылаас,
Эдьигээн орто оскуолатын медиа киинин юнкора