Ангылычаан Джеймс Шолл Дьокуускайга «I Speak English» оскуолаҕа үөрэх чааһын дириэктэринэн үлэлиир, салайар. Кини билиилээх-көрүүлээх, иитэр-үөрэтэр үлэтигэр үрдүк ирдэбиллээх салайааччы.
Биир күүстээх өрүтүнэн үлэтин былаанын киэҥник толкуйдаан, табыгастаахтык аттаран оҥороро буолар. Джеймс — хас биирдии үөрэнээччигэ холобур, доҕор уонна учуутал.
Чехия, Коста-Рика уонна … Дьокуускай
— Идэм туһунан кылгастык кэпсээтэххэ, «I Speak English» оскуолаҕа үөрэх чааһын дириэктэринэн буолабын. Оҕолору, устудьуоннары, улахан дьону ангылычаан тылыгар үөрэтэбин. Мин бэйэм Великобританияҕа төрөөбүтүм. Оскуолаҕа үчүгэй үөрэнээччи этим. 25 сааспар Лондоҥҥа учуутал идэтин институтун бүтэрэн, сертификат ылбытым. Ол кэннэ Чехияҕа тиийэн, ангылычаанныы кэпсэтии уонна тиэхиньикэ тылыгар Прагаҕа устудьуоннары икки сыл устата үөрэппитим. Бу маҥнайгы үлэм этэ.
Оттон ыраах Коста-Рика судаарыстыба киинигэр, Сан-Хосе куоракка, оскуола оҕолорун ангылычаан тылыгар эмиэ икки сыл үөрэтэ сылдьыбытым. Балтараа сыл Перуга култуура институтугар үлэлэбитим. Сырыы бөҕөнү сылдьан баран, дойдубар кэлэн эбии үөрэнэн, магистр дипломун көмүскээн, тыл үөрэхтээҕэ буолбутум. Монголияҕа үс сыл оскуолаҕа үлэлээбитим, үөрэх бырагырамматын суруйбутум. Оттон 2018 сылга Дьокуускай куоракка «I Speak English» омук тылын оскуолатыгар кэлбитим уонна күн бүгүҥҥэ дылы үлэлии-хамныы сылдьабын.
«I Speak English»
«I Speak English» бырайыак үлэлээбитэ 7 сыл буолла. Мин сыалым диэн Дьокуускай оҕолоругар аан дойду «аанын» арыйыы, холкутук кэпсэтэргэ үөрэтии. Тоҕо диэтэххэ, ангылычаан тыла сүрүн кэпсэтии тылынан буолар. Москваҕа кииннээхпин уонна Дьокуускайга икки филиаллаахпыт. Оҕолору 3 саастарыттан биирдиилээн уонна кыра бөлөхтөргө үөрэтэбит. Мин бырагыраамабын уопсай ангылычаан тылыгар анаан толкуйдаабытым. Онон уратыта диэн тылы сөпкө суруйууга, УОКЭ, БКЭ эксээмэҥҥэ бэлэмниибит. Уонна улахан дьоҥҥо эмиэ көмөлөһөбүт.
Мин үлэм олус эппиэтинэстээх эрээри, сүрдээх интэриэһинэй. Учуутал билиини эрэ биэрэр буолбакка, иитиигэ-сайыннарыыга улахан кылааты киллэриэхтээх, оҕо кэлэр кэскилин сирдээн, үөрэнээччи олоххо бэлэмнээх киһи буола улаатарыгар далаһа уурааччы буолуохтаах.
Үөрэтиибит уратыта
Биһиги үөрэтэр куурустабыт «коммуникативнай» сыһыантан тутулуктаахтар. Сыалбыт — оҕону тыл кэмпитиэнсийэтигэр үөрэтии эрэ буолбат. Үөрэнээччи саҥарарыгар, суруйарыгар, аудирование, ааҕыы сорудахтарын толороругар тылын сайыннарабыт. Маннык методиканан үөрэнэн, кини кэпсэтэр, ойуулуур уонна өйдүүр буолар. Ону таһынан, бу үөрэппитэ социальнай уонна экономическай эйгэҕэ туһалыан сөп.
Ол аата, оҕо «коммуникативнай» сыһыан көмөтүнэн үөрэннэҕинэ, кини үөрэҕэр, кэлин үлэтигэр эбэтэр тас дойдуга сынньана эбэтэр олоро бардаҕына, омуктары кытта алтыһарыгар, кэпсэтэригэр ыарырҕаппат буолар.
Бөлөххө биир эмэ үөрэнээччи тылы үөрэтэр санаата суох, дьонун күһэйиитинэн кэлбит буоллаҕына, атын оҕо ону көрөн үтүктүөн сөп. Ол иһин аан бастаан кэлбиттэргэ туох сыалтан ангылычаан тылын үөрэтэҕин, ангылычаан тыла эйиэхэ туохха туһалаах буолуой диэн туһаайар ыйытыыларынан сыал туруорабыт. Онон оскуолабытыгар оҕолор үөрэ-көтө, саҥаны билээри-көрөөрү үөрэнэ кэлэллэр.
Сайдыылаах киһи буоларыгар
Биһиги уопсай ангылычаан тылын бырагырааматыгар олоҕурар грамматиканы, лексиканы үөрэтэбит. Тиэкиһи таба ааҕар, истэр дьоҕуру сайыннарар интерактивнай, практическай дьарыгы ыытабыт. Тылы үөрэтиигэ үөрэнээччилэрбит тиэкиһи өйдүүргэ, ойуулаан көрөргө, түмэргэ үөрүйэхтэрин сайыннарабыт. Үлэбитигэр остуоруйалары, кэпсээннэри, дойду туһунан эбэтэр бизнеһы ситиһиилээхтик эргитэргэ сүбэлэри туһанабыт.
Тылга эрчиллиини эрэ оҥорботтор, холобура, үөрэнээччи бэйэтин сыыһаларын көннөрөрү сатыахтаах. Бу мин методикам оҕону үөрэтии хаамыытыгар киллэрэр, кини сайдыылаах киһи быһыытынан улаатарыгар көмө буолар.
Саха сирэ
Мин Саха сирин олус сөбүлээтим. Айылҕата ураты кэрэ, дьикти, киһи ис дууһатын таарыйар. Киһи санаатын ыраастыыр курдук. Манна олорор олус кэрэхсэбиллээх уонна дьикти буолан, күн-дьыл биллибэккэ ааһар. Дьокуускай бэйэтэ туспа кэрэ көстүүлэрдээх куорат.
Оҕолоор, омук тылын үчүгэйдик үөрэтэргитигэр сүбэлиэм этэ, бу билиигит хаһан баҕарар наада буолуо. Киһи атын сири, дойдуну көрөн ордук сайдар, туһалааҕы иҥэринэр дии саныыбын. Онон туохтан да толлубакка, аныгы олох тэтиминэн хардыылаан иһиэххэ наада. Биһиги хас биирдии оҕону да, төрөппүтү да үрдүккэ-кэрэҕэ сирдиибит.
Ааптар: Павел Ильин.