Тыл — омук тыына.
Мин сахабын-
Мин ырыам
Сахалыы сатарыыр.
ТЫЛ БААР БУОЛЛАҔЫНА, НОРУОТ БААР
Төрөөбүт төрүт тыл — норуот кэскилэ. «Тыл баар буоллаҕына, норуот баар буолар». Бу этиини кытта мин сөбүлэһэбин. Биһиги норуоппут бэйэтэ тыллаах, төрүт тылбытын өрө тутар буоламмыт, культурабыт, искусствобыт, олохпут бары өттүнэн күүскэ сайдар дии саныыбын.
Саха бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев саха тылын үрдүктүк тутан, элбэх өрүттээх үлэни ыыппыта. Ол курдук, олунньу 13 күнэ саха лингвист учуонайа, Семён Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн «Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн» биллэрбитэ.
Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата бу күнү олус тэрээһиннээх көрүстэ.
Сахалыы таҥныбыт оҕолор, өрө көтөҕүллэн туран, төрөөбүт тылга аналлаах линейкаҕа сэлэлии муһуннубут. Бу линейкаҕа биһиги кылаас оҕолоро(7 кылаас) саха литературатын учебнигар киирбит, Үстүүн Нохсоороп «Дыырай Бэргэн» олоҥхотун кылааһынан толордубут.
«Төрөөбүт тыл, сурук бичик күнүгэр» сонун тэрээһининэн ТОК оонньуу ыытылынна. Бу оонньууга кылаас аайыттан 2 оҕо, 2 төрөппүт хамаанда туруоран күрэстэстибит. Биһиги кылаас хамаандата иккис бириистээх миэстэни ылан, үөрдүбүт-көттүбүт.
Төрөөбүт төрүт тылбыт сайда турдун!
Сайыына Захарова, VII кылаас.
ИЙЭ ТЫЛ, СУРУК-БИЧИК КҮНҮГЭР ДЬЫКТААНЫ СУРУЙДУБУТ
Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Саха сирин үрдүнэн "Оҕо саас сылын" биллэрбитэ.
Олунньу 13 күнэ «Ийэ тыл, сурук-бичик» күнүнэн бэлиэтэммитэ номнуо хаһыс да сыла буолла. Тоҕо бу күн ийэ тыл, сурук-бичик» күнүнэн биллэрилиннэ диэн интэриэһиргээтим. Бу күн — Семён Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ. Кини кимий? Саха алпаабытын аан бастаан төрүттээбит киһи. Кини алпаабыта баар буолан, төрөөбүт тылынан бастакы үөрэх кинигэтэ бэчээттэнэн, элбэх киһи ааҕар-суруйар буолбута. Бастакы суруйааччылар айымньылара бэчээттэммитэ. Саха сиригэр төрөөбүт тылынан үөрэх-сайдыы тарҕаммыта. Онон Семен Новгородов — биһиги норуоппут, тыыннаах тыллаах норуот буоларыгар сыаната биллибэт кылааты киллэрбит саха чулуу уола буолар.
Бу күн биһиги оскуолабытыгар нэһилиэк модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ Жулева Кристина Алексеевна көҕүлээһининэн сахалыы дьыктааны суруйдубут. Орто сүһүөх оҕолоро викторина ыйытыгар эппиэттээтилэр.
Дьыктаан суруйаммыт, өрөспүүбүлүкэттэн туоһу сурук тутан үөрдүбүт-көттүбүт. Кылаас оҕото бары сахалыы таҥас кэтэн олорон суруйдубут. Киһиэхэ бэйэтин норуотунан киэн туттуу тыынын үөскэтэр.
Дьыктаан ис хоһооно олус интэриэһинэй, сиэр-майгы тематыгар. Оскуолаҕа төрөөбүт тылынан үөрэнэн, оҕо сиэрдээх киһи буола улаатар, ыал ийэтэ, аҕата буолар кэмэ чугаһаан, төрөппүттэрэ сэмээр долгуйаллар.
Дьыктаан барыта 174 тыллаах. Олус элбэх быһаарар уонна паараласпыт тыллаах. Бу тылларга сурук бэлиэтин грамматиканы билэр эрэ киһи таба туруорар. Онон судургута суох дии санаатым. Дьыктаан суруйуу ааксыйата сыллата ыытыллар. Мин сахалыы таҥас кэтэрбин олус сөбүлүүбүн.
Вераника Дубенко, IX кылаас.
Салайааччы В.К.Ефимова.
Игидэй оск. Таатта.